А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сэтинньи 8 күнүгэр «Кыһыл көмүс кэллиэксийэ. Бастыҥ ырыалар» диэн бэртээхэй кэнсиэр буолуо. Бу туһанан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
—Дьон-сэргэ астына сынньанарын тэрийэр сыаллаах-соруктаах бу кэнсиэр тэриллэр. Бу киэһээ уонунан сылларга уостан түспэккэ ылламмыт ырыалар сүрэҕи-быары долгутуохтара. Дьоро киэһээҕэ филармония артыыстара, идэтийбит ырыаһыттар уонна ыллыылларын сөбүлүүр дьон кыттыахтара. Бэртээхэй тэрээһиҥҥэ оонньуу-көр көҕүлүттэн тутуллуо. Онон бар дьоммут кэлэн дуоһуйа сынньаныҥ диэн ыҥырабыт, — дииллэр норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин кэлэктиибэ.
0
0