Ньурбатааҕы АТП 55 сыл — үлэ үөһүгэр

Бүгүн дойду үрдүнэн Суоппар күнэ, оттон сарсын куорат дьонун тиэйэр тырааныспар үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Ньурбаҕа 55 сыллааҕыта автотранспортнай тэрилтэ тэриллэн бу кэм тухары үтүө суобастаахтык үлэлээн кэллэ. Олох араас уустуктарын тулуйан, ыһыллан хаалбакка чөллөөх тиийэн кэлбит, бүтүн өрөспүүбүкэ үрдүнэн тарбахха баттанар тэрилтэ буолар.


Ньурбатааҕы АТП дириэктэринэн бу сыл от ыйын 1 күнүттэн Степанов Василий Евгеньевич үлэлии сылдьар. Тэрилтэ 24 үлэһиттээх, ол иһигэр 10 суоппар, 3 автослесарь, 3 хачыгаар, итиэннэ салайар-административнай персоналга дириэктэр, кылаабынай бухгалтер, юрист, бухгалтер-кассир, механик, диспетчер, гараж сэбиэдиссэйэ уонна медик киирэллэр.
Тэрилтэ үлэтэ сарсыарда 6 ч. ааһыыта саҕаланар: механик эриэйсэҕэ тахсар оптуобустар тэхиниичэскэй туруктарын көрөр-истэр, медик суоппардары дабылыанньаларын кээмэйдиир, уопсай туруктарын көрөр.
Ньурба иһигэр Ньурба-Антоновка-Ыраах Убайаан маршрутунан 4 оптуобус сылдьар. Өссө биир маршрут Октябрьскай нэһилиэк Бөгдьөөлө микро-оройуонун, Ньурба к. «Арҕааҥы» микро-оройуонун уонна Ньурба куорат киинин хабар. Соторутааҕыта АТП-лар Октябрьскай нэһилиэк кытыы учаастагар — Нефтебазаҕа туспа маршруту астылар. Итини таһынан Ньурбачааҥҥа, Дьаархаҥҥа уонна Марха өрүс уҥуор сылдьар маршруттардаахтар. Марха уҥуоргу оптуобус нэдиэлэ күннэринэн уочаратынан Акана-Хаҥалас-Маар-Дьаархан; Киров-Марха-Дьаархан; Үөдэй-Хаҥалас-Акана-Маар-Дьаархан хайысхатынан дьону таһар. Кыһыҥҥы суол турдаҕына АТП салалтата Хорулаҕа уонна Күндээдэҕэ оптуобус сырыытын сөргүтэргэ былаанныыр.


«Үлэлиир базабыт үчүгэй, 2017 с. тутуллубут саҥа гаражка уонна офиска киирэн олоробут, — диир Василий Степанов. — Тэрийээччибит (учредитель) буоларын быһыытынан улуус дьаһалтата биһиэхэ улахан өйөбүлү оҥорор. Элбэх оҕолоох ыаллар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар Ньурба иһигэр Ньурба-Антоновка-Ыраах Убайаан, Нефтебаза-Ньурба маршруттарыгар бырайыас 5 солк. буолла. Бу иһин ороскуоттары толуйуу бэрээдэгинэн улуустан субсидия көрүллүбүтэ. Быйылгы үбү абаансанан түһэрбиттэрэ. Ньурба иһигэр сүүрэр оптуобустарбытыгар каартанан төлөбүрү ылар терминаллар туруоруллубуттара. Алтынньыга 667 оҕо транспорнай каартаны оҥорторбута. Бу оҕолорго олус туһалаах.
Оптуобустары гаас уматыкка көһөрөргө улуустан 520 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. 3 оптуобуска газобаллоннай оборудование туруортардыбыт. Бэнсииҥҥэ холоотоххо, уматыкка 30-40% кэмчилэнэр эбит. Ол эрээри үчүгэй куһаҕаннаах диэбиттии, гааска көстөҕүнэ массыына мотуора түргэнник элэйэр. Онон сотору-сотору өрөмүөннэнэллэр, настройкаланалар. Салгыы туруктарыттан көрөн дьаһаныахпыт.


9 ый түмүгүнэн барыта 351600 киһини тастыбыт. Сыллааҕы былаан туолуута 71%-ҥа тэҥнэстэ. Уруккуттан соһулла сылдьар иэстэрдээхпит, ол иһигэр нолуокка. Хамнаска улахан иэспит суох, балаҕан ыйдааҕыны төлөөн бүтэрэн эрэбит. Сапчааска ыарахаттары көрсөбүт, эрдэттэн куораттан эҥин сакастаан аҕалтарабыт. ГСМ сыаната сыллата үрдүү турар. Оттон оптуобус тарыыба 2015 сылтан уларыйа илик. Улуус дьаһалтатын экэниэмикэҕэ управлениета нэһилиэктэр маршруттарыгар тарыыбы хаттаан көрүөхтээх. Холобура, Ньурбачааҥҥа бырайыас — 65 солк., Күндээдэ — 70 солк.
Кэлэктиип олус үчүгэй, бары үлэлэригэр бэриниилээхтэр. 20-чэ сыл үлэлээбит уопуттаах суоппардар эдэрдэргэ сүбэлээн-амалаан настаабынньык курдук сылдьаллар. Биһиги муҥутуур баҕабыт — автопааркабыт саҥардыллара буоллар диэн. Оптуобустарбыт үксэ эргэ буолан (2007-2008 сс. оҥоһуллубуттар) элбэхтэ алдьаналлар. Саамай саҥабыт 2 эрэ: 2015 уонна 2016 сыллааҕылар. Билигин саҥа оптуобустар үксүлэрэ бэлэм газобаллоннай оборудованиелаах, тахографтаах буолаллар.
Идэлээх бырааһынньыкпытынан кэлэктиип үлэһиттэрин, бэтэрээннэри уонна бары массыына суоппардарын истиҥник эҕэрдэлиибин! Мэлдьи доруобай, чэгиэн сылдьаргытыгар, суоппардарга күөх оту, көнө суолу, массыынаҕыт алдьамматыгар баҕарабын».

Ааптар: Геннадий Антонов.