Боруулаах бэтэрээнэ уруулга — сүүрбэччэ сыл

Дьааҥы улууһун Боруулаах олохтооҕо Андрей Прокопьевич Слепцов сүүрбэччэ сыл уруулга олорбут уопуттаах суоппарынан биллэр. Кини  нэһилиэк элбэх оҕолоох Слепцовтар дьиэ кэргэттэрин улаханнара.


Андрей Прокопьевич кэпсииринэн, 90-с сылларга Боруулаахха суоппар кууруһугар уонча буолан үөрэммиттэр. Онтон сопхуоска мас тиэйиитигэр үлэлиир. Чита уобалаһыгар 1981-1983 сс тааҥкабай чааска сулууспалыыр. Аармыйаттан кэлэн, Табалаах нэһилиэгэр от тиэйиитигэр, Боруулаахха «Адыаччы» сопхуоска пиэрмэҕэ от-мас тиэйиитигэр сылдьар. ЗИЛ-131 массыынанан ыйга тоҕус уон эриэйси оҥороллоро. Үлэ күнүгэр түөртүү эриэйис оҥоһуллара, субуотаҕа – үстүү. Бөһүөлэк чугаһыттан инчэҕэй маһы саһаан охсон тиэйэллэрэ. 1985-1986 сс Граф Биэрэгэр тутууга үөрэнэр. 1989 сыллаахха кэргэнин Татьяна Васильевналыын сүрэхтэрин холбоон, ыал буолаллар. Икки оҕону күн сирин көрдөрөллөр. Кыыстара Надежда Эбээн Бытантай улууһун Кустуур орто оскуолатыгар биология уонна химия учууталынан үлэлиир. Уоллара Геннадий Россгвардия байыаһа.
Андрей Прокопьевич бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри олохтоох дьаһалтаҕа сүүрбэччэ сыл суоппардыыр. Нэһилиэгин суоппардарыгар сүбэлэтэр-амалатар киһилэрэ кини буолар. Ыраах айана Дьокуускайтан массыына перегонугар, Аллараа Дьааҥыттан уотурба тиэйиитигэр сылдьыбыт.
«Суоппар идэтэ сыралаах үлэ, сүрэхтээх буолуу ирдэнэр. Массыыната уһуннук сүүрэрин туһугар харыстаан илдьэ сылдьыахтаах. Мин тиэхиньикэбин күн ахсын көрүнэр буоламмын, хараастан тахсыбат да этим. Онон тиэхиньикэм улаханнык алдьанан-кээһэнэн турбатаҕа, күннэтэ айаҥҥа сылдьарым. Суолга тохтоон турар массыыналары аһары барбакка, көмөлөһөрбүт. Билиҥҥи кэмҥэ массыына көрүүтэ-истиитэ аҕыйах, барыта электроника. Урукку тиэхиньикэ карбюраторынан үлэлиир буолан, моһуоктуура элбэх буолааччы», – диэн бэтэрээн суоппар кэпсиир.

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА