Хонуулар географическай диктаҥҥа кытыннылар
Дойду үрдүнэн буолбут географическай диктантан Муома оройуона туора турбата. Хонуу сэлиэнньэтигэр аахсыйа икки былаһааккаҕа – оройуоннааҕы кииннэммит библиотекаҕа уонна алын сүһүөх оскуолаҕа ыытылынна.
Библиотекаҕа былаһаакка салайааччытынан В.А. Атласов, оскуолаҕа директор М.П. Михалева уонна модератор М.И. Слепцова үлэлээтилэр.
Маҥнайгы диктант дойду үрдүнэн 2015 сыллаахха сэтинньи 1 күнүгэр Нуучча географическай обществотын попечительскай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, дойду президенэ В.В. Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыта. Акция 2017 сыллаахтан аан дойдуга ыытыллар буолбута. Былырыын 97 дойдуга тэриллибитэ. Ордук элбэх киһи кыттыыта Россияҕа Башкортостаҥҥа, омук дойдуларыттан Кытайга, Белоруссияҕа бэлиэтэммитэ. Түөрт сыл иһигэр географическай диктаҥҥа 900 тыһ. киһи кыттыбыт.
Диктант былаһааккаларга болдьоммут кэмигэр тэҥинэн ыытылынна. Тэрийээччилэр кыттааччыларга табыгастаах усулуобуйаны оҥордулар. Оскуола былаһааккатыгар кыттааччыларга анаан итии чэй, кофе, минньигэс ас бэлэмнээбиттэр. Библиотекаҕа географияҕа сыһыаннаах анал кинигэлэр быыстапкаларын тэрийдилэр.
“Биһиги былаһааккабытыгар географическай диктант төрдүс төгүлүн ыытыллар. Кыттааччылар 30 ыйытыыга хоруйдаатылар. Бэриллибит түөрт вариантан биир сөптөөх хоруйун талан графаҕа бэлиэтииллэр. Кыттыы анонимнай, кыттааччы аата-суола бланкаҕа ыйыллыбат, анкетаҕа саастарын, үөрэхтэрин, ханнык эйгэҕэ үлэлииллэрин эрэ толороллор. Кыттааччыларга көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин барыларыгар сертификат туттарабыт«, – диэтэ былаһаакка салайааччыта Вилюян Альбертович.
Маннык хабааннаах сырдатар акцияларга куруутун сылдьар дьон бу да сырыыга көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, Варламовтар, Никулиннар, Хабаровтар дьиэ кэргэнинэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Диктант туһунан туох санаалаахтарын кыттааччылартан туоһуластым.
Надежда Никулина: “Мин бу географическай диктаҥҥа маҥнайгы кыттыым. Кэргэним, “Айан” туркулууп салайааччыта Леонид Алексеевич Никулин велотуризмынан дьарыктанар. Бу кэнники кини көҕүлээһининэн, үлүһүйүүтүнэн бэйэм эмиэ сири-дойдуну кэрийиэхпин баҕардым. Бу сайын дьиэ кэргэнинэн 200 км сатыы хааман Төбүлэххэ бара сылдьыбыппыт, төннөрбүтүгэр байдарканан устан кэлбиппит. Ыйытыылар наһаа ыарахана суохтар, хоруйдуу сатаатым. Ордук гербэ туһунан ыйытыыны интэриэһиргээтим. Сөптөөх хоруйун көрдөөн, Интернеккэ хасыһан билиибин хаҥатыам. Географияны үөрэтиэххэ наада эбит”.
Матрена, Владислав Хабаровтар: “Биһиги дьиэ кэргэн бу үһүс сылын кытынныбыт. Ыйытыылар, сүнньүнэн, оскуолатааҕы программа иһинэн. Оннук наһаа киһи “төбөтүн сынньар” ыйытыылар суохтар. Диктант ыйытыылара улахан экраҥҥа слайданан уонна кумааҕыга бэчээттэнэн тарҕатыллар буолан, толорорго табыгастаах. Маҥнай судургу, билэр ыйытыыларбар хоруйдаан баран, ыарырҕатар ыйытыыларбар кэргэммин кытта сүбэлэһэбин. Ордук литератураҕа сыһыаннаах ыйытыылар интэриэһинэйдэр. Сир баайын хостооһун туһунан боппуруоска ыарырҕаттым».
Кыттааччылар диктант түмүгүн сэтинньигэ идентификационнай нүөмэрдэрин ыйан туран, Нуучча географическай обществотын сайтыгар эбэтэр былаһааккаҕа кэлэн билсиэхтэрин сөп.
Оройуоннааҕы кииннэммит библиотека сэтинньи 1 күнүгэр нэһилиэк олохтоохторун аныгы сайдыылаах олоххо, үөрэх-билии, информация өрө тутуллар кэмигэр билиини тургутан көрөр, кругозору байытар этнографическай диктаҥҥа көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
Ааптар: Валентина СТАРОСТИНА.