Мачах Аммосовтара күтүөттэринэн киэн тутталлар
Алтынньы төрдүс өрөбүлүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы ийэ кылын күнүн ураты бырааһынньыга бэлиэтэннэ. Дьахтар кыыһын кэргэн биэрэригэр уол оҕону ылар, киниэхэ иккис ийэ буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ күтүөт уонна ийэ кылын сыһыаннара сүдү суолталаах. Мачах сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ Марфа уонна Андрей Аммосовтар түөрт оҕолоохтор — биир уол уонна үс кыыс. Оҕолоро бары ыал буолан, бэлиэр элбэх сиэннээх эбээ, эһээ дэтэн олороллор.
Марфа Егоровна Аммосова үс күтүөт ийэ кынна буолар, «талбыт курдук тас да көрүҥнэринэн сахаҕа көстүүлээх дьон», – диэн этэр. Билиҥҥи үйэ дьалхааныгар өйдөрүнэн-санааларынан сыстыбакка, үүнэр көлүөнэлэригэр үтүө холобур, дьиэ кэргэнинэн чөл олоҕу өрө туппут дьон буолаллар.
Арыгыны-табаҕы утаран, кыргыттарбытын таптаан, өрө тутан, иллээх-эйэлээх, үлэһит дьон буолан, эдэрдэргэ, тэҥнээхтэригэр үтүө холобуру көрдөрөр дьон диэн күтүөттэринэн киэн тутталлар. Эбээлээх эһээҕэ ыал чиҥ, чахчы киин тутаах дьоно буолалларын этэр.
Марфа Аммосова ийэтэ суох улааппыт, интэринээккэ олорбут. Ол да иһин буолуо, кими да араарбакка, оҕолорун барыларын тэҥҥэ таптыыр. Оҕо эрдэхтэринэ эдьиийин уонна кинини аҕалара иитэн, көрөн-харайан, киһи гынан улаатыннарбыт. Олохторун устатыгар үлэни өрө тутарга, үлэһит киһини сыаналыырга үөрэппит.
Марфа уонна Андрей Аммосовтар оҕолоро уон биир сиэни күн сирин көрдөрөн, бары тэҥ элбэх оҕолоох ыал буола түстүлэр, онон дьоллоохтор. Бигэ тирэхтээх ыал тапталлаах киһилэрэ кэргэн, аҕа, эһэ Андрей Егорович Аммосов, быйыл ахсынньы 16 күнүгэр номнуо 60 сааһын томточчу туолар. Кини чөл олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, үлэни өрө туппут киһи, билиҥҥэ диэри сүүрэн-көтөн, оттоон-мастаан бигэ тирэхтээх ыал буолан олороллор. Аҕыйах саҥалаах, киэҥ көҕүстээх, толкуйдаах киһи.
Биэс оҕо күн-күбэй ийэтэ, амарах аҕата буолан, буруо таһааран олорбуттара отут аҕыс сыл буолла. Сиэн оҕону көтөхпүттэрэ, дьолун билбиттэрэ төгүрүк уон сыл буола охсубут. Улахан уоллара Егор эдэр сааһыгар олохтон туораабыта. Иккис уоллара Владимир уһуйааҥҥа сопхуоһунан үлэлиир. Чиҥ тирэхтээх аҕа, үс оҕолоох, кэргэнэ Христина Николаевна Аммосова алын сүһүөх оскуолатын дириэктэрэ, учуутал. Улахан сиэннэрэ Танюша, Карина, Андрюша, Анжела бары оскуола дьоно. Улахан сиэн кыыс Таня Баатаҕай орто оскуолатыгар 5-с кылааска үөрэнэр. Карина Табалаах орто оскуолатын биир бастыҥ үөрэнээччитинэн буолар. Андрей Мачах алын сүһүөх оскуолатыгар үчүгэйдик үөрэнэр. Анжела быйыл 1-кы кылааска үөрэнэ киирдэ, талаһан үөрэнэр, туйгуннар кэккэлэригэр сылдьар.
Аан бастакынан улахан кыыстара Надежда кэргэн тахсар. Кини үрдүк үөрэхтээх, талба талааннаах Табалаах орто оскуолатыгар химия учууталынан үлэлии барар. Онно олоҕун аргыһын Гавриил Юрьевич Семеновы көрсөн, кэскил тэринэн, саҥа дьиэ туттан, ыал буолан олохсуйан олороллор. Айылҕаттан бэриллибит дьоллоро – икки кыыстаахтар. Аҕалара дьиэ кэргэн баһылыга Гавриил уурбутун-туппутун көрбүт киһи хараҕын араарбат тутуулардаах, күүстээх, үлэһит киһи, тиэхиньикэтэ элбэҕэ, үтүө хаһаайын буолара ыраахтан көстөр-биллэр. Надежда Андреевна олоҕун аргыһынаан олус иллээх дьон, сүбэнэн бииргэ сылдьан үлэ арааһын үлэлииллэр, оҥороллор, оттууллар-мастыыллар, сир астыыллар, бултууллар, балыктыыллар.
Уоллара Володя дьон-сэргэ холобур оҥостор олус үлэһит, уус, сыспай сиэллээҕи ииттэн кэтэх хаһаайыстыбатын хаҥатан, отчут-масчыт, үтүө аҕа баһылык, көнө, чөл олоҕу тутуспут хаһаайын буолар. Кэргэнэ Христина Николаевна Табалаахтан төрүттээх, соҕотох мааны кийиит, үс оҕо тапталлаах ийэтэ. Кинилэр ыал буолан буруо таһааран олорбуттара онус сыллара.
Иккис кыыстара Александра Аммосова үс оҕолоох. Билигин оҕо улаатыытыгар олорор. Кэргэнэ Иван Револьевич «Сахаэнерго» Дьааҥытааҕы уот ситимигэр үлэлиир, кэтэхтэн үөрэнэр. Кини сатабыллаах туттунуулаах, үлэһит, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас, кэргэнигэр куруутун тэҥҥэ көмө киһи, ас астааһыныгар, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар ыраас, чэнчис, оҕолорун үөрэхтээх дьон буолалларыгар уһуйар-такайар, үөрэтэр. Дьиэ кэргэн тутаах киһитэ, күөх Ньурба улууһуттан төрүттээх, окко-маска тэҥҥэ сылдьыһар.
Кыра кыыстара Ирина омук тылын учуутала, кэргэнинээн Радиславтыын үс оҕолоох иллээх дьиэ кэргэн аатын сүгэллэр. Кэргэнэ эмиэ Ньурба улууһуттан төрүттээх, үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис-буҕаалтыр. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтиттэн толлон турбат, үлэҕэ эриллэн улааппыта тастан көстөр, дьиэ кэргэнигэр амарах сыһыаннаах киһи.
«Күтүөттэрим отчут-масчыт дьон. Алгыыбыт, биһиги, сааһыран эрэр дьоҥҥо, кинилэр көмөлөрө элбэх. Үтүктүспүт курдук бары да үлэһит дьон. Оҕолорбутунан дьоллоохпут», – диэн Марфа Аммосова этэр.
Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА