Мачах сэлиэнньэтин сис ыала куурусса, куруолук ииттэллэр

Мачах сэлиэнньэтин сис ыала куурусса, куруолук ииттэллэр

Үөһээ Дьааҥы Мачах сэлиэнньэтин олохтоохторо элбэх оҕолоох ыал Наталья уонна Кирилл Аммосовтар куруолук, куурусса ииттэн саҕалаатылар. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр түргэнник ситэр салаа төһүү буолуо диэн эрэнэллэр.


Аммосовтар аан бастаан ыал буолбут сайыннарыгар ыһыахха лотереяҕа ньирэй сүүйэн тураллар. Ону кырдьаҕастар: «Сүөһү төрдө буолуо, ынах ииттиҥ», — диэн эппиттэриттэн сиэттэрэн, билигин ол ньирэйтэн ханыы таттаран, хороҕор муостааҕы ииттэллэр. Нөҥүө сылыгар сопхуос биэтин эһэ тардан, тулаайах хаалбыт кулунчугу ииттэ ылаллар. Онтон ыла хаһаайыстыбаларыгар ынах, сылгы, сибиинньэ дэлэйэр.

Оҕолорун тэҥҥэ оттуурга, ынаҕы ыырга үөрэппиттэр. Билигин түөрт ыанар ынахтаахтар. Куруолугу көрүү судургутунан, аһылыга от, талах, эбиэһи да сииринэн, былырыыҥҥыттан көрөн туруораллар. Бастаан икки куруолук оҕотун Боронуктан атыыласпыттар. Иккиэн атыыр буолан хаалан, уулаах куруолугу атыылаһаллар.

Үксүн оҕолоро, сиэннэрэ көрөллөр, аһаталлар, ыраастыыллар. Маны таһынан оҕону үлэҕэ үөрэтээри, тэлэбиисэртэн, көмпүүтэртэн сынньата түһээри, быйыл чоппууска атыылаһан куурусса ииттэн эрэллэр. Быйыл кинилэргэ анаан туспа саҥа хотон туттулар.

Былыр 1965 сыллаахха улахан кураан буолан, Мачахха оччотооҕу үлэни кыайар дьон, биир эрэ оҕус кыстыыр отун оттообуттар. Ол иһин сүөһүлэрин кыстата Боронугунан, Кыһыл Тумуһаҕынан барбыттар. Үгүстэрэ онно олохсуйа хаалбыттар. «Билигин, кырдьык айылҕа улаханнык уларыйда. Сопхуос саҕанааҕы уу ыстарар насостар ыһыллан бүттүлэр, уматык да сыаната ыараата. От кыайан оттоммот түгэнигэр түргэнник ситэр бородууксуйалаах кууруссабыт, куруолукпут биһиги курдук улахан дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр төһүү күүс буолуоҕа. Улуус баһылыга быыбар иннинээҕи бырагырааматыгар бородууксуйаны түргэнник биэрэр дьиэ харамайдарын иитиини өйүөхтээҕин туһунан санааларын олоххо киллэриэ диэн эрэнэ күүтэбит», – диэн Наталья Аммосова этэр.

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА