Соболоох олохтооҕо күннээҕи олоҕун мындыр өйүнэн чэпчэтэр
Муома Соболооҕун олохтооҕо Владимир Хабаров – эйэлээх дьиэ кэргэн тутаах, бас-көс киһитэ, аҕа баһылыга. Кини Өймөкөөн оройуонун Орто Балаҕан нэһилиэгиттэн төрүттээх. Владимир Григорьевич бултка, тиэхиньикэҕэ туттар тэриллэргэ саҥа ньымалары киллэрэр.
Владимир Григорьевич ордук бултуурун, кустуурун, балыктыырын сөбүлүүр. Билиҥҥи үйэҕэ тиэхиньикэтэ суох ыраах айаҥҥа бултуу сатаан барбаккын. Дойдуга сайдыы балысхан, тиэхиньикэни күн-түүн айаллар. Саха киһитэ күннээҕи олоҕун мындыр өйүнэн чэпчэтэ сатыыр.
Кини мотоцикл мотуордарынан араас вездеходтары оҥорор. Кус манчыыгын көтөн тахсыах курдук чахчытык оҥорбутун көрөн сөхпүтүм. Итини тэҥэ балыкка илим өрөр.
Күһүнүн түбүктээх үлэ – муус ылыыта, өрүс хомолоро тоҥмуттарын кэннэ, муус халыҥыан эрэ иннинэ, 80 см усталаах, 60 см туоралаах, 15-20 см халыҥнаах мууһу дружбанан эрбээн баран, синньигэс тимир турбаттан оҥоһуллубут салаасканы ууга уган, муус билиитэни чардааттан ороон таһааран дьаарыстанар. Салаасканы оҥорорго 4 м усталаах, 15 мм диаметрдаах тимир турбаны ортотунан тэҥнээн өҕүлүннэрэр. Уһун туорай турбаларын икки ардылара 40 см буолуохтаах.
Аны балыктааһыҥҥа сиэркилэнэн көрөн, балык көрдөөн күнүн-дьылын бараабат. Сиэркилэни оҥоруу ньымата элбэх, судургу. Муус аннынан күөгүнэн балыктааһыҥҥа Муома үрэх ыраас уутугар өйүмү кырыыларынан чараас мууска ойбон үүттээн, сиэркилэни ууга уган 50 м иһинэн хайа балык ханна баарын көрөр. Онтон балыктар муус анныгар кыстаан турар сирдэрин көрөн, ол сиргэ чопчу тиийэн, ойбон алларан балыктыыр.
Владимир Григорьевич культура үөрэҕин, байаньыыстар куурустарын бүтэрэн, 40 сыл устата бу салааҕа эҥкилэ суох, бэриниилээхтик үлэлээтэ. Билигин сынньалаҥ киинигэр директорынан үлэлии сылдьар. Араас инструменнары толору баһылаабыт талааннаах музыкант. ВИА бөлөхтөөх. Ырыа-хоһоон айар, уһанар, фокустуур.
Ааптар: Николай КОРЯКИН.