Ньурбатааҕы «Выпуск-85» сэргэх тэрээһини ыытта

Ньурбатааҕы «Выпуск-85» сэргэх тэрээһини ыытта

Ньурба оройуонун араас оскуолаларын 1985 сыллааҕы выпускниктара Чаппанда нэһилиэгэр агит-биригээдэнэн тахсан, нэһилиэнньэҕэ сэргэх киэһэни бэлэхтээтилэр. Оскуола оҕолорун кытта тематическай бэсиэдэ, киэһэ нэһилиэнньэни кытта истиҥ көрсүһүү буолла.


Үөлээннээхтэрэ, улуус баһылыга Иннокентьев А.М. Ньурба улууһун выпускниктара саҕалаабыт «Үтүө санаа Кубога» аахсыйатын туһунан сырдатта, Выпуск-85 аатыттан эҕэрдэ тыл эттэ. «Үтүө санаа Кубога» аахсыйа атырдьах ыйыгар Ньурба улууһуттан саҕаланан, билигин номнуо 10-с улууска айаннаан, Амматтан Уус-Майаҕа тиийдэ. Кубок улуустарга 10 күн сылдьарын тухары, оройуон иһигэр араас социальнай хабааннаах тэрээһиннэр буолаллар. «Үтүө санаа Кубогын» айана уонна бу хамсааһын тэрээһиннэрэ тыһыынчанан киһини хапта.

Музыкальнай эҕэрдэҕэ хуор толоруутугар араас ырыа ылланна. Ньурба көмүс куолаһа, Марха оскуолатын выпускнига Максим Федоров бэйэтин ырыаларын бэлэхтээтэ. Биэчэр кэнниттэн выпускниктар Марха муостатын көрө, эдэр сааһы санатар ырыа аргыстаах Дьаархаҥҥа айаннаатылар, онно тиийэн үйэлээх тутууга өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр. Үөрэн-көтөн, ол саҕанааҕы күргүөм күннэри, кэрэ кэмнэри санаан, билсиһэн, үчүгэй тэрээһинтэн астынан дууһалыын сылаанньыйан тарҕастылар. Чаппанда нэһилиэгин баһылыга Краснослав Бухоловка, оскуола, кулууп үлэһиттэригэр, тэрийээччилэргэ урукку кэмнэри умнубакка сыл аайы маннык тэрээһиннэри ыыталларын иһин истиҥ махталларын тиэрдэллэр.

Ааптар: «Ньурба» хаһыат