Солоҕоҥҥо ыччат бастакы муҥхата ыытылынна

Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр эдэр ыччат муҥхата буолан ааста. Бөһүөлэктэн 25 килэмиэтир тэйиччи сытар Сытыган эбэ көмүс хатырыктааҕын бэриһиннэрээри 60-ча киһи муһунна.


Солоҕон нэһилиэгиттэн тэйиччи сытар Эбэ чаастан ордук айаннаах суола-ииһэ уустук. Ыччат муҥхатыгар Бэрдьигэстээхтэн лесхозтар, реабилитационнай киин үлэһиттэрэ, Күөрэлээх, Маҥаны, Солоҕон нэһилиэктэрэ кэллилэр.


Бары үлэ үөһүгэр түһэн үлэлээн бардылар. Кун ортолоон эрдэҕинэ муҥха тахсыытын саамай сүрүнэ буолла. Эбэ барахсан бэристэ, дьон бары үөрэн-көтөн үллэстиигэ турдулар.


Ол кэннэ кэлбит хамаандаларга күрэхтэр саҕаланнылар. Бастаан 100 миэтэрэ сүүрүүгэ күрэх буолла, манна Гриша Текеянов (Маҥаны) иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. Онтон анньыыһыттар күрэхтэстилэр, усулуобуйа быһыытынан ойбону биэдэрэ батар гына алларыахтаахтар диэн. Манна Владик Артамонов (Маҥаны) олус түргэн туттууну көрдөрдө. Уонна үһүс түһүмэххэ сыал ытыытыгар тургутустулар. Бу сырыыга Сергей Назаров (Күөрэлээх) кыайыылаах таҕыста.


Бу курдук чэбдик салгыҥҥа сылдьан үлэни, сынньалаҥы атаардылар. Уопсай хамаанданан: 1 миэстэлээх Маҥаны кыһыл көмүс мэдээлинэн,  5 тыһ. солк. сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Күөрэлээх — иккис миэстэ, 3 тыһ.солк., Солоҕон — үһүс миэстэ, 1 тыһ. солк. сэртипикээттэри туттулар. Хамаандалар бары астынан, ыалдьытымсах Солоҕон сиригэр махтанан тарҕастылар.

Ааптар: Анастасия Максимова