Тиксии эйэҕэс эбээлэрэ “Супер бабушка” куонкуруска күрэхтэстилэр
Тиксии бөһүөлэгэр “Супер бабушка” диэн дьоро киэһэ буолан ааста. Көрөөччүлэр иннилэригэр сырдык үөрүү үктэллэнэн, саҥа санаа кынаттанан, сырдыгынан сыдьаайан алта эйэҕэс эбээ күөн көрсөн күрэхтэстэ. Биэс түһүмэҕи ааһаннар күрэхтэһээччилэр эриэ дэхситик биэтэккэ тиийэн кэллилэр.
Маҥнайгы түһүмэх бэйэни билиһиннэрииттэн саҕаланна. Бастакы нүөмэринэн Уһук хоту улуус дьикти кэрэ айылҕалаах, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут, дьиримниир долгуннардаах, дьэҥкир ыраас уулаах Омолой үрэхтээх намылыйар Намыы нэһилиэгиттэн төрүттээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ Е.О. Стручкова тахсан күрэһи арыйда. Елена Октябриновна кэлэр кэнэҕэски кэнчээри ыччаты тэнитэн үс оҕоҕо олоҕу бэлэхтээбит, алта сиэн тапталлаах эбээтэ буолар.
Иккис нүөмэрдээх кыттааччы – ыраах Закарпатьеттан төрүттээх, хомсомуол путевкатынан Тиксии тутуутугар бэйэтин сүдү кылаатын укпут, иккис дойду оҥостон манна 40 сыл тухары олорбут, үлэлээбит, Тиксии үгүс дьиэлэрин кыбартыыраларын малярнай кыраасканан ааспыт Й.В. Дремова таҕыста. Йоганна Васильевна олус элбэх дьарыгы баһыйбыт ураты киһинэн, икки сиэн уонна икки хос сиэн киэн туттар эбээтинэн буолар. Иллэҥ кэмигэр тыл үөрэтиитинэн дьарыгыран үс омук тылынан саҥарара, сэттэ тылынан суруйара, ааҕара мустубут дьону-сэргэни сөхтөрдө.
Үһүс нүөмэрдээх кыттааччы икки кырачаан сиэннэрин сиэппитинэн сыанаҕа маҥнайгытын тахсар С.К. Скрыбыкина остуоруйа курдук бэйэтин ис-киирбэхтик билиһиннэрдэ. Светлана Кирилловна биэс кыыс сиэн уонна сэттэ уол сиэн эбээтэ буолан дьоллоохпун, сиэннэрбинэн кынаттанабын диэн киэн туттар.
Төрдүс нүөмэрдээх эбээ Р.М. Шахурдина ураты күөх экран нөҥүө билиһиннэриилээх буолла. Раиса Михайловна 19 сыл ыстаастаах эбээ, 8 сиэн уонна мурун бүөтэ кырачаан хос сиэнчээн күүс-көмө буолар, сүбэ-ама биэрэр тирэх эбээтэ.
Бэһис кыттааччы – Амматтан төрүттээх, кини ыраас уутугар сөтүөлээн, ньургуһуннаах кырдалыгар, сардааналаах кытылыгар сүүрэн-көтөн мэниктээн ааспыт Р.А. Алексеева. Розалия Абрамовна үс оҕо иһирэх ийэтэ, биэс сүрэх чопчута, күҥҥэ чуораан курдук чугдаарар сиэн эйэҕэс эбээтэ, куруук толору быйаҥ астаах далбар хотунунан буолар.
Бүтэһик нүөмэрдээх, алтыс кыттааччы, буурҕалаах Булуҥ улууһун Оленек өрүс уҥа биэрэгэр турар Ыстаннаах-Хочо нэһилиэгиттэн төрүттээх Е.Н. Гоголева бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕин түмүктээтэ. Лена Николаевна – улуустааҕы киин бибилэтиэкэ тутаах үлэһитэ, актыбыыс бэрдэ, кэрэчээн кыыс ийэтэ, соҕотох мурун бүөтэ уолчаан эбээтэ.
Хас биирдии ийэ, эбээ бэйэтин дьиэ кэргэнин минньигэс аһынан күндүлүүр эбээһинэһэ буолар. Киһиэхэ эбээ аһа хайаан да күндү буолааччы, ийэ да аһыттан минньигэс буоларын ким да мөккүспэтэ буолуо. Ол курдук, «Эбээм тапталлаах ырысыаба” диэн ааттаах иккис түһүмэххэ эбээлэр сандалы остуолларын ырысыаптарын үллэһиннилэр. Эчи астарын састаабын, астанар хардыытын кэпсииллэрэ да минньигэһэ. Саалаҕа мустубут дьон ырысыаптары тутатына сэргээн түлүппүөннэригэр түһэринэн ыллылар.
Күрэс кыттааччылара эдэр саастарын санаан, үһүс түһүмэххэ аэробикаҕа эрчимнээх хамсаныылары көрдөрдүлэр. Эбээлэр бары сыанаҕа тахсан бэрт тэтимнээх муусуканан ойон-тэбэн көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр.
Онтон төрдүс түһүмэх аата “Талааннар уонна сүгүрүйээчилэр” диэн буолла. Манна күрэс кыттааччылара ким туох талба талааннааҕын билиһиннэрдэ. Хас биирдии эбээ сиэннэрин кытта тахсан ыллаан-туойан, үнүстүрүмүөннэргэ да оонньоон, үҥкүүлээн да тиэтэйэн көрөөччүлэри олус диэн сэргэхситтилэр.
Түмүктүүр түһүмэххэ эбээлэр сиэдэрэй симэхтэрин кэтэн, нарыннык хааман киэһээҥҥи таҥастарын көрдөрдүлэр. Чахчы да бары эбээлэр кэрэлэрэ, намыыннара хараҕы эрэ үөрдэр.
Дьоро киэһэни Тиксиитээҕи искусство оскуолатын иитиллээччилэрэ, “Энерджи” бөлөх үҥкүүһүттэрэ, Эстелла Керсаненко, Лиза Бортникова, Сергей Бурцев, Олег Риис, Сергей Винокуров, Константин Шахурдин бэйэлэрин чаҕылхай нүөмэрдэринэн олус диэн киэргэттилэр.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар “Тиксии бөһүөлэк” муниципальнай тэриллии дьиэҕэ-уокка коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна энергетикаҕа сүрүн исписэлиис эбээһинэһин толороочу Агафья Попова, улуустааҕы култуура управлениетын начальнига Ольга Горохова, дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо көмө отделениетын сэбиэдиссэйэ Татьяна Асаева, «Супер-бабушка-2018” Людмила Старостина киирдилэр, бэрэссэдээтэлинэн буолла “Булуҥ улууһа” муниципальнай тэриллии персоналы салайар сулууспа салайааччыта Василиса Спиридонова.
Күрэс долгутуулаах түгэнигэр, дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар бириэмэтигэр, “Матери России” уопсастыбыннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Зоя Свинобоева, “Морошка” кулууп салайааччыта Евдокия Меженькова, Культурнай-спортивнай комплекс дириэктэрэ Василий Бурцев эҕэрдэ тыл эттилэр уонна сэмэй бэлэхтэри кыттааччыларга туттартаатылар.
Күрэс түмүгүнэн “Оригинальная бабушка” номинация кыайыылааҕынан буолла Йоганна Васильевна, “Элегантная бабушка” – Елена Октябриновна, “Талантливая бабушка” – Елена Николаевна, “Фитнес бабушка” – Раиса Михайловна, “Грациозная бабушка” – Светлана Кирилловна буоллулар.
Кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн “Супер Бабушка-2019” Розалия Абрамовна буолан үөрүүтэ өссө үксээтэ.
Күрэс тэрээһинигэр күүс-көмө буоллулар урбаанньыт Татьяна Дремова, «Булуҥнааҕы» уонна «Тиксии бөһүөлэк» муниципальнай тэриллиилэр, улуустааҕы култуура управлениета, дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо көмө отделениета. Чаҕылхай тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааһан көрөөччүлэр олус көтөҕүллэн тарҕастылар.
Константин Шахурдин, көрөөччү: Дьэ оһуобай тэрээһин буолан ааста. Кыттааччылар таҥастара-саптара, туруоруллубут бириистэр, тэрээһинэ сылтан сыл ахсын тупсан иһэр. Мин бүгүн саамай сөхпүтүм саамай аҕа саастаахтара Йоганна Васильевнаттан. Бары да олус талааннаах, чаҕылхай эбээлэр эбит.
Кыайыылаах Розалия Абрамовна: Күрэс олус үчүгэйдик ааста дии санаатым. Биир да репетицияны көтүппэккэ бары кыттааччылар биир киһи курдук сырыттыбыт. Урут да маннык курдук күрэстэргэ кыттар этим. Ол курдук былырыын сайын «Далбар Хотун» аатын ылар чиэскэ тиксибитим. Аны быйыл «Супер бабушка» аатын сүгэн үөрэн турабын. Төһө да сааһырдарбыт, билигин даҕаны эдэрдии эрчиммитин тутан дьон ортотугар үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Дьиэҕэ олорон хаалбакка бары тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытта сатыыбыт. Бу күрэс миэхэ өссө төгүл кэрэни кэрэхсээн көрүүнү, үчүгэйгэ тардыһыыны, олоххо дьулууру, сиэннэргэ, оҕолорго холобур буолууну биэрдэ. КСК үлэһиттэрэ, тэрийээччилэр барыбытын өйөөн-убаан, сүбэлээн, сыыһабытын-алҕаспытын көннөрөн, наһаа үчүгэйдик бэлэмнээтилэр.
Ааптар: Дарина ЧАБЫЕВА