Төбүлэххэ күн күбэй ийэлэри эҕэрдэлээтилэр

Төбүлэх нэһилиэгэр Саха сирин Ийэлэрин күннэрин чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Бу күнү биһиги, Саха сирин олохтоохторо, ордук чорботон, ийэлэргэ болҕомто ууран, ийэлэр күннээҕи түбүктэрин, оҕолоругар кыһамньыларын бэлиэтээн, ийэ оруолун үрдүктүк тутан, чиэстээн хас сылын аайы күһүҥҥү кэмҥэ бэлиэтиир буолбуппут олус үөрүүлээх. Бу күнү олохтообут бастакы президеммитигэр М.Е.Николаевка махталбыт муҥура суох.


Төбүлэх орто оскуолатыгар Ийэлэргэ аналлаах нэдиэлэ устата кылаас чаастара буоллулар, истиэнэ хаһыаттара ыйаннылар, видеоэҕэрдэлэр ыытылыннылар.

Нэдиэлэ түмүгэр «Ийэм истиҥ мичээрэ» дьоро киэһэни алын сүһүөх учуутала Кириллина Е.П. иилээн-саҕалаан ыытта. Манна 9 ийэ оҕолорунаан: Вожжова Е.Е. уола Богданныын, Кудрина К.С. кыыһа Джамилялыын, Старкова У.Н. кыыһа Ксениялыын, Корякина А.Н. уола Ярославтыын, Соркомова Н.Б. уола Даниллыын, Николаева Е.Е. уола Сарыаллыын, Слепцова Е.Н. кыыһа Вероникалыын, Хабарова А.В. уола Максимныын, Гуляева Нь.Е. уола Петялыын – ох курдук оҥостон 5 түһүмэхтээх күрэххэ кытыннылар. Күрэҕи оскуола директора Винокуров А.С., Слепцова Ева (11 кылаас), Соркомов Леонид (9 кылаас) дьүүллээтилэр. Бэрт эрийсиилээх түһүмэхтэр кэннилэриттэн Николаева Е.Е уола Сарыаллыын кыайдылар, бары кыттыбыттарга туоһу суруктар туттарылыннылар. Истиэнэ хаһыатыгар алын сүһүөхтэргэ бастакы кылаастар бастаатылар, иккис миэстэҕэ – бэһистэр, үһүскэ үһүстэр таҕыстылар. Улахан сүһүөхтэргэ бастакы – сэттис кылаас, иккис – тохсус, үһүс ахсыс кылаастар буоллулар.

«Сулусчаан» уһуйааҥҥа Ийэлэргэ аналлаах эҕэрдэ кэнсиэр уонна көрдөөх күрэх ыытылынна. Эҕэрдэ тыллары уһуйаан иитээччитэ Гуляева Нь.Е., уһуйаан салайааччыта Соркомова А.Е. эттилэр. Айталина Евгеньевна быйыл сайын кырачаан киһиэхэ күн сирин көрдөрбүт эдэр ийэҕэ Юрита Лареваҕа сэмэй бэлэҕи туттарда.

Салгыы күрэҕи уус-уран тылынан Ньургуйаана Егоровна ыытта. Манна «Ньургуһун» уонна «Сардаана» хамаандаларга эбэлэр уонна ийэлэр кыттыыны ыллылар. Күрэх быыһыгар уһуйаан иитиллээччилэрэ ийэлэргэ, эбэлэргэ анаан хомоҕой тыллаах хоһооннору эттилэр, ылбаҕай ырыалары ыллаатылар, дьиэрэҥкэйдээн үҥкүүлээтилэр. 4 түһүмэхтээх күрэх ыытылынна. Кыайыыны «Ньургуһун» хамаанда ситистэ, «Сардаана» иккис буолла, кинилэргэ өйдөбүнньүк вымпеллар туттарылыннылар.

Олохтоох сынньалаҥ дьиэтигэр нэһилиэк ийэлэригэр аналлаах «Ийэлэр бары кэрэлэр» күрэх ыытылынна. Эрчим Эверстов, Дьулустаан Кудрин ырыа бэлэхтээтилэр. Сынньалаҥ дьиэтин культурнай тэрийээччитэ Марина Эверстова нэһилиэк күн-күбэй ийэлэрин, эбэлэрин итии-истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтэ. Биир-биир дьоһун-мааны ийэлэри ыҥыртаан киллэрдэ. Корякина А.Н. кыыһа Иванналыын, Вожжова Е.Е. уола Богданныын, Старкова У.Н. кыыһа Ксениялыын, Корякина А.В. уола Максимныын, Сивцева М.И. кыыһа Улялыын кытыннылар. Биэс түһүмэх ыытылынна: оҕо саҥатынан-видеонан таайыы, «Ыксаа, ийэ, ыксаа» (оҕуруо тиһии), үтүлүк ньэмиэтин быһыы, «Ийэбин күҥҥэ холуубун» («күн» диэн тылтан сахалыы ааттар), «Кырдал кыргыттара» (сахалыы оонньуулар), дьиэҕэ сорудах (музыкальнай нүөмэр). Күрэҕи эксперт-жюри, сынньалаҥ дьиэтин директора Никулина А.П. дьүүллээтэ. Бэрт сэргэх түһүмэхтэр кэннилэриттэн бары ийэлэргэ анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Талба ийэ» – Вожжова Е.Е., «Мындыр ийэ» – Корякина А.Н., «Кэрэ ийэ» – Корякина А.В., «Сайаҕас ийэ» Старкова – У.Н., «Нарын ийэ» Сивцева М.И. буоллулар. Кинилэргэ сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.

Ааптар: Людмила СТРУЧКОВА.