Ньурба-Сүлэ суолун оҥоруу федеральнай бырагыраамаҕа киирдэ

Ньурба-Сүлэ суолун оҥоруу федеральнай бырагыраамаҕа киирдэ

Бу күннэргэ Ньурба улууһугар үөрүүлээх сурах кэллэ. Ньурба-Сүлэ суолун оҥоруу федеральнай бырагыраамаҕа киирдэ. Федеральнай бүддьүөттэн үгүөрү үп көрүллэр буолла. Ити туһунан оройуон тутуу-инвестиционнай управлениетын кылаабынай инженерэ Василий Кучаров иһитиннэрдэ.


Кини СӨ Массыына суолларын управлениетын тус сыаллаах федеральнай бырагыраамалары кытта үлэҕэ отделын салайааччыта Борис Романовы уонна биир дойдулаахпыт, ити управление сүрүннүүр инженерэ, Ньурба 1 №-дээх орто оскуолатын выпускнига Юлиан Харбановы кытта Москваҕа тиийэн, «Росавтодор» тэрилтэҕэ Ньурба-Сүлэ суолун өрөмүөнүн сметатын көмүскээтилэр.

2020 с. тохсунньу-олунньу ыйдарыгар сөбүлэһиигэ илии баттанара былааннанна. «Тыа сирин территорияларын кэлимник сайыннарыы» федеральнай бырагырааматынан федеральнай бүддьүөттэн 44 мөл. солк. ирээттэһэн үбүлээһин көрүллүөҕэ. Улуус салалтата СӨ Массыына суолларын управлениетын тус сыаллаах федеральнай бырагыраамалары кытта үлэҕэ отделын салайааччыта Борис Иннокентьевич Романовка уонна сүрүннүүр инженер Юлиан Владимирович Харбановка истиҥ махталын тиэрдэр.

Ааптар: Геннадий Антонов.