Горнайга социальнай үлэһиттэр дьону кытта көрсөллөр

Горнай улууһун муниципальнай тэриллиитин социальнай бэлиитикэҕэ салаата дьиэ кэргэн, ыччат, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, эппиэккэ боппуруостарыгар уонна сокуоннай саастарын туола илик оҕолор буруйу оҥорууларын бохсууга  араас хайысхалаах үлэни тэрийэн ыытар.

Ол курдук, бу күннэргэ биэнсийэ пуондатын, социальнай управление уонна сокуоннай саастарын туола илик оҕолор буруйу оҥорууларын боппуруостарынан дьарыктанар хамыыһыйа чилиэннэрэ нэһилиэктэринэн сылдьан, үгэс буолбут сыл аайы ыытыллар социальнай десаҥҥа сырыттылар.

Социальнай хайысхалаах үлэни ыытар дьон бу сырыыларын сүрүн соруга — олохтоох нэһилиэнньэҕэ туох өҥө, социальнай көмө баарын быһаарыы, билиһиннэрии буолла.

Кыһалҕалаах дьону кытта биирдиилээн көрүстүлэр, сүбэ-ама биэрдилэр, кырдьаҕастарга дьиэлэринэн сылдьан олохторун-дьаһахтарын билистилэр.

Бу социальнай хайысхалаах сырыыбытын дьоммут-сэргэбит олус кэтэһэр. Быйыгы десаҥҥа 129 киһини хаптыбыт. Биһиги дьону кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирбит быһыытынан  бу курдук нэһилиэктэринэн сылдьан олохторун-дьаһахтарын миэстэтигэр тиийэн билсэрбит, санааларын, этиилэрин  истэрбит хайаан да наада.

Маннык көрсүһүүлэртэн үлэбитин былаанныыбыт, араас тэрээһиннэргэ дьону көҕүлүүбүт, — диэн санаатын үллэстэр улуустааҕы муниципалитет социальнай бэлиитикэҕэ салаатын салайааччыта Ксения Васильева.

Маннык хамсааһыннар улуус аайы ыыталлар буоллахтарына, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа биллэ тупсарыгар саарбахтаабаккын.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: улуустааҕы социальнай бэлиитикэ салаатын архыыбыттан.

0
0