Өймөкөөннөр кыстыгы бэлэмнээх көрсөллөр

Ынах сүөһү, сылгы аһылыга үчүгэй, иҥэмтэлээх буоллаҕына эрэ кыстыгы этэҥҥэ туоруур кыахтаах. Онон кылгас сайын устата оту бэлэмнээһиҥҥэ сүрүн  күүс ууруллар. Өймөкөөн улууһун хаһаайыстыбалара оттооһун быйылгы былаанын кыранан толорботулар, сорудахтан 94 бырыһыан от бэлэмнэннэ.


Балаҕан ыйыгар былаан туолбатах араастаһыытын ситэрээри, Таатта улууһуттан 100 туонна от, Томпоттон 100 туонна сенаж атыылаһарга кэпсэтэн тураллар, тиэйиитэ эрэ быһаарыллара хаалла.

Сайын үлэ миэстэтин таһааран уонна оттооһун сорудаҕын толорор сыалтан мобильнай биригээдэлэр тэриллибиттэрэ, — диэн кэпсиир Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Павел Сивцев. — Оттооһун былаана туолуутугар ходуһалар туруктара мөлтөҕө охсоро эмиэ баар суол. Онон быйыл ходуһалары нүөлсүтэр үлэни саҕалаатыбыт. Былааннаабыппыт барыта олоххо киирдэҕинэ, Томтор нэһилиэгин улахан толоонноругар маар буолбут сирдэртэн ууну ыытан, элбэх оттуур сири таһаарыахтаахпыт.

Бу күннэргэ таба ыстаадаларыгар күһүҥҥү харааллааһын ыытылла турар.

Харааллааһын кэнниттэн төһө табалаахпыт чопчу биллиэҕэ, быйыл таба ахсаана кыралаан эбиллэрэ бэлиэтэнэр.

Ыстаадаларга адьырҕа кыыл улахан хоромньуну таһаарар, оттон бөрөнү дьаат эрэ кыайар кыахтаах. Мониторинг быһыытынан улууска быйыл уопсайа 30-ча бөрөнү бултаатылар. Маныаха булчуттарга оройуон бүддьүөтүттэн бириэмийэ көрүллэрэ тоҕоостоох. Уопуттаах табаһыттар адьырҕаны анаан манаан, уйатыттан тута бултаһар ньыманы тутталлар. Ол улахан көдьүүстээх, — диир салайааччы. — Улууска сылгыны иитии бигэ туруктаах. Манна  ыччат дьон быдан сыстар, дьиэ таһыттан сылдьан үлэлиир буолан, табаһыттааҕар усулуобуйата да ордук. Ол да буоллар, сылгыгын кичэллээхтик көрдөххүнэ, базаҕын хаҥатыннаххына, күрүөҕүн-хаһааҕын бэрээдэктэннэххинэ эрэ үлэҥ тахсыылаах буолар буоллаҕа. Оннук хаһаайыстыбалар биһиги улууспутугар аҕыйаҕа суохтар. Олор истэригэр икки племенной хаһаайыстыба баар.

Тыа сирин үлэһит дьонун сыллааҕы үлэлэрин түбүгэ биир кэрэхсэбиллээх тэрээһинтэн дьэҥкэтик көстөр. Ол курдук Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус-Ньараҕа ахсыс сылын тыа хаһаайыстыбатын  дьаарбаҥката ыытыллаары турар. Бу дьаһал  нэһилиэнньэ олохтоох бородууксуйаҕа наадыйарын бигэтик кэрэһэлиир. Улуус киинигэр, нуучча дьоно ордук таба этин биһириир. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылара табаттан ураты дьаарбаҥкаҕа ынах, убаһа, сылгы этин, үрүҥ аһы, балыгы, отону о.д.а. аҕалан дэлэччи атыылыыллар. Онон сотору кэминэн олохтоохтор сибиэһэй аһы-үөлү астына амсайаары тэринэ сылдьаллар.

Дьаарбаҥка кэмигэр дьону сэргэхситэр, аралдьытар аналлаах ыытыллар үгэскэ кубулуйбут “Өймөкөөн сулустара” ырыа куонкуруһа үгүс көрөөччүнү түмүөҕэ.

Ааптар: Любовь КРИВОШАПКИНА