Хонуу сэлиэнньэтин кырачааннарыгар идэлэри билиһиннэрдилэр

Хонуу сэлиэнньэтин кырачааннарыгар идэлэри билиһиннэрдилэр

Хонууга “Кэнчээри” уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕөр “Идэни билиһиннэрии нэдиэлэтэ” ыытылынна. Федеральнай государственнай үөрэх стандартын ирдэбилэ билиҥҥи кэмҥэ үөрэх тэрилтэлэрин иннигэр оҕону бары өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх, ситиһиилээх аныгы үйэ дьонун бэлэмнээн таһаарар соругу туруорар. Ол тэҥэ оскуолаларга, уһуйааннарга иитэр-үөрэтэр, сайыннарар тэрээһиннэр бары онно туһуланаллар.


Үөрэх сүрүннүүр бырагырааматыгар олоҕуран, уһуйааччы оҕо уйулҕатын уратытын учуоттаан, кини дьоҕурун, ис кыаҕын, сатабылын таба көрөн, сайыннаран инники олоҕор бэйэтигэр сөптөөх идэни таларыгар маҥнайгы өйдөбүллэри олох эрдэ, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи сааһыттан иҥэриэхтээх. Итинник санаанан салайтаран “Кэнчээри” уһуйаан (сэбиэдиссэй Н.Н. Жиркова) бэлэмнэнии бөлөҕөр “Идэни билиһиннэрии нэдиэлэтэ” ыытылынна. Нэдиэлэ устата уһуйааҥҥа араас хабааннаах дьаһаллар бардылар. Идэлэри чугастык билиһиннэрэр инниттэн оҕолор араас тэрилтэлэргэ экскурсияларга сырыттылар. Почтаҕа баһыылка-бандероль арааһын көрөн сөхтүлэр. Оҕо аймах саамай күүтэр-кэтэһэр Саҥа дьыл бырааһынньыгын ыалдьыта – Тымныы оҕонньорго бэлэх үлэһэн суруйар аккырыыкка арааһа баарын сэҥээрэ көрдүлэр.

Редакцияҕа хаһыат бэчээттэнэр кэмигэр түбэһэн, буруолуу сылдьар хаһыат саҥа нүөмэрин илиилэригэр тутан көрдүлэр. Редактор М.П. Старкова хаһыат хайдах суруллан, таҥыллан, бэчээттэнэн тахсарын туһунан кэпсээнин болҕойон иһиттилэр.

Баһаарынай чааска сылдьан быыһааччылар, баһаарынайдар түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэлэрин билистилэр. Баһаарынайдар таҥастарын, туттар тэриллэрин тутан-хабан ордук уолаттар өрүкүнэйдилэр.

Уһуйаан куукунатыгар киирэн повардара Лена Афанасьевна үлэтин көрдүлэр, күннэтэ сиир булочкалара-бэчиэнньэлэрэ буһан тахсар улахан духовка оһоҕу сөхтүлэр.

Маҕаһыыҥҥа сылдьан атыыһыт үлэтин кэтээн көрдүлэр. Оҕолор болҕомтолоро атыылаһааччыны кытта сиэрдээх сыһыаҥҥа, табаары талан ылыыга, төлөбүргэ туһуланна.

“Бары идэлэр бастыҥнар – бары идэлэр наадалар” идэни билиһиннэриигэ бэсиэдэ буолан ааста, уруһуй быыстапката көрдөрүүгэ турда. Түмүктүүр күҥҥэ оҕолор нэдиэлэ устата ылбыт билиилэрин чиҥэтэн, “Город профессий” тэрээһиҥҥэ араас идэни талан ылан бэйэлэрэ оонньоон көрдөрдүлэр. Оҕо кыраҕы хараҕа тугу да сыыска түһэрбэт дииллэринии, оонньуу кэмигэр күннээҕи олохпут көстүүлэрэ, идэлэр ураты бэлиэлэрэ оҕолор оонньууларыгар ырылхайдык көһүннэ. Быыһааччылар, баһаарынайдар үлэлэрин көрдөрөр-билиһиннэрэр сыаллаах иитээччилэр дьиҥнээх олоххо чугаһатан мүччүргэннээх түгэннэри (дьиэҕэ уот туруута, чараас мууска киирэн биэрии, суол быраабылаларын тутуһуу) эрдэттэн бэлэмнээбиттэр. Манна оҕолор ыксаллаах балаһыанньаны өйдүү охсон, түгэни сатабыллаахтык салайа тутан, мүлчү туораан бу идэлэр суолталарын чопчу өйдөөбүттэрин көрдөрдүлэр.

Маннык ыытыллар дьаһаллар оҕо инникитин идэтин сөпкө талан ыларыгар олук уураллара саарбаҕа суох.

Ааптар: Валентина СТАРОСТИНА.