Муоматааҕы народнай театры саҥа таһымҥа таһаарбыт худуоһунньук

Муоматааҕы народнай театры саҥа таһымҥа таһаарбыт худуоһунньук

Быйылгы сыл Россияҕа Театр сылынан биллэриллэн өрөспүүбүлүкэҕэ, Муома оройуонугар даҕаны элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар. «ССРС култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ народнай театрга худуоһунньугунан өр кэмҥэ айымньылаахтык үлэлээбит Григорий Григорьевич Иванов туһунан ахтан-санаан ааһарбыт хайаан да наада. Күн-дьыл уу сүүрүгүнүү устара түргэн да эбит. 4З сыл култуура эйгэтигэр үлэлээн кэлбит кэммэр умнуллубат, холобур туттар, ахтар-саныыр дьонум элбэхтэр, олортон биирдэстэрэ –худуоһунньук Гириисэ буолар», — диэн «Индигир уоттара» хаһыакка Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ И.Н. СЛЕПЦОВА санаатын үллэстэр.


«Дьокуускайдааҕы художественнай училищены 1974 сыллаахха бүтэрэн, народнай театрга худуоһунньугунан ананан Григорий Иванов Муома сиригэр үктэммитэ. Оччолорго режиссерунан Т.К. Апросимова үлэлии кэлбитэ сыл буолбут кэмэ этэ. Тута эн-мин дэспэккэ үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Гриша үөрэҕин бүтэриэн иннинэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар сцена рабочайынан, худуоһунньугунан үлэлээбит буолан, декорацияны оҥорорго үөрэхтээх, бэлэмнээх кэлбитэ. Кэлээт да саҥа сүүрээни киллэрэн дьиэ истиэнэтин таҥаһынан түннүгүн илимҥэ ыйаан, сонун көстүүнү киллэрбитэ. Уһуллар, таҥыллар маллары оҥортоон, условноһы киллэрбитэ, станок диэни оҥорон артыыстар ханнык баҕарар үрдэлгэ оонньуур кыахтаммыттара, саалаттан көрөөччүгэ да интэриэһинэй буолбута.

Уоту-күөһү тупсаран, кулисалары, падугалары механизмнаан, туттарга чэпчэки, көрөргө тупсаҕай оҥортообута, кулисалар анныларын, мөһөөччүк тиктэрэн, онно кумах куттаран, тиктэрэн баран баттата уурдарара. Декорацияҕа анаан таҥас тиктэрэн грунтовкалаан айылҕа арааһын уруһуйдуура, бииртэн биир кэрэ айылҕа, дьыл араас көстүүлэрэ бэлэм буолан иһэллэрэ. Суруйааччылар, оройуоммут биллиилээх дьонун портреттарын да оҥортуура. Сэбиэскэй кэм буолан, сотору-сотору партийнай, комсомольскай конференциялар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин слеттара, о.д.а тэрээһиннэр тиһигин быспакка бараллара, онно барытыгар плакат суруллара. Театр аар саарга аатырар, өрө тахсар кэмнэрэ буолбуттара, режиссер, худуоһунньук, артыыстар, култуура дьиэтин салалтата, специалистара, техүлэһиттэрэ бука бары өрө көтөҕүллэн үлэлиир кэммит этэ, быһатын эттэххэ, ыллыы-туойа үлэлиирбит.

Театрбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэргэ кыттан лауреат аатын ылан, Камчаткатааҕы-Петропавловскайга барар буолбуппут. Манна И. Бочкарев “Туундара туллуга» үлэбитин илдьибиппит. Саха сириттэн Таатта, Чурапчы, Муома народнай театрдара кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ. Петропавловскайга ситиһиилээхтик толорон, аны Москвалыыр чиэскэ тиксибиппит. Худуоһунньук айымньылаах үлэтэ эмиэ бэлиэтэммитэ. Киэҥ нэлэмэн туундара уруһуйдаах задник, таба наартата, ураһа – сүрүн декорациябыт этэ. Григорий Григорьевич сценаны эрэ таҥыннарбат этэ, бутафорияны, туттар малы барытын бэйэтэ оҥороро, ол курдук аал уоппутун уоттаан-күөстээн, сиир эппитин, аспытын барытын бэйэтэ бэлэмниирэ. Кини эскиһинэн көстүүмнэр тигиллэллэрэ, оонньуох иннинэ сүрүн геройдары бэйэтэ гримниирэ. Ити спектакльбытынан Союзка икки төгүллээх лауреат аатын ылбыппыт, режиссербут Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, худуоһунньук ССРС култууратын туйгуна буолбуттара.

Саҥаттан саҥа спектакллар туран испиттэрэ, театрбыт 10 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт “Ньургун Боотур” олоҥхо-драманы бэлиэтээн этиэххэ сөп. Бу спектакль декорацията, артыыстар көстүүмнэрэ ордук элбэх үлэттэн тахсыбыта, олус кэрэ көстүүлээх этэ. Көстүүмнэр эскизтэрин Григорий бэйэтэ оҥорон, хонтуруоллаан тиктэрбитэ. Дьокуускай куоракка Саха театрыгар баран хас да бухатыырдар шлемнарын, куйахтарын көрдөһөн аҕалбыта, массовкалар шлемнарын, куйахтарын папье-машенан бэйэтэ оҥорбута, батастары, үҥүүлэри эмиэ оҥортообута. Аал Луук маһы сиэдэрэй көстүүлээн оҥорон таһаарбыта. Ити Тамара Константиновна, Григорий Григорьевич туруорбут үлэлэриттэн биирдэстэрэ эрэ буоллаҕа. Бэлэмнэнии кэмигэр мөккүһүү, кыыһырсыы да ханна барыай, ол эрээри ол уопсай үлэ түмүгэ бэйэ-бэйэттэн тутулуктааҕын өйдөөн, уһаппакка, дириҥэппэккэ тохтотон, умнан туран салгыы үлэлээн бараллара. Сүүрбэччэ сыл айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсэлгэ сылдьар үлэрин түмүгэр режиссер РСФСР, худуоһунньук Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ буолбуттара – биһиги бары  киэн туттуубут.

1993 сыллаахха Тамара Константиновна кэнниттэн, народнай театрга режиссерунан анаммытым, бу кэмтэн ыла Григорий Григорьевичтыын биир санаанан үлэлээбиппит. Тапталлаах режиссербутун сүтэрбит аһыыбыт да сомоҕолообута диэххэ сөп, эбиитин Союзпут ыһыллан, хайдах буоларбыт биллибэт кэмнэрэ сатыылаабыта. Дьон-сэргэ спектакльга да мээнэ сылдьыбат этилэрэ, хайдах үлэлиэхтэрэ биллибэт Тамара Константиновна кэнниттэн диэччилэр да бааллара, харчыны көрбөт да кэмнэрбит үүммүттэрэ. Григорий боччумуран, миэхэ наставник курдук буолбута, саамай кылаабынайа – кини эрэнэрэ миэхэ күүс биэрэрэ. Сезон аайы үстүү-түөртүү улахан спектакллары туруортуурбут, театрбытыгар режиссербут аатын туруорсан, оройуон өйөөн, Т.К. Апросимова аатынан Муоматааҕы народнай театр аатын ылынан, эппиэтинэс өссө күүһүрбүтэ.

Ханнык спектаклы туруоруохпун баҕарарбын эттэхпинэ, Гришам айымньыны ылан ааҕара. Үчүгэйдик ааҕан ырытан баран, санаатын үллэстэрэ, тугу оҥоруохтааҕын былааннаабыт буолара. Театрбыт 25 сыллаах үбүлүөйүгэр тугу туруорабыт диэн толкуйга сырыттахпына, “миэхэ биир санаа баар”, – диэтэ. Салгыы:

– Мин элбэх дьону кытта кэпсэтэбин, санааларын истэбин. «Саха театра ити туох ааттаах спектаклынан аатырда, манна кэлбэттэр, оттон эһиги итини туруоран дьоҥҥо көрдөрбөккүт, биитэр кыайбаккыт дуу?” дииллэр дьон. Кырдьык, биһиги Чингиз Айтматов айымньытынан “Хаарыан хампа күөх кытылым” туруоран көрдөхпүтүнэ хайдах буолуой? – Мин салынным. Бу Саха театрын саамай ситиһиилээх үлэтэ. – Биһиги куоталаһан буолбатах, бэйэбит көрөөччүбүтүгэр көрдөрүөххэ, хайдахтаах сүдү туруоруунуй, ону холонуохха буоллаҕа, үбүлүөйгэ дьон туох эрэ улаханы көрүөн баҕарар, – ити курдук киччэм санаатын билиһиннэрдэ. Салыннарбын да, киһим олус эрэллээҕиттэн сөбүлэнним.

Дьэ күүстээх үлэ саҕаланна. Аан бастаан түөрт улахан киһини уйар тыы, биирдэ олороот да туран барар буолбакка, икки чааһы быһа тыыга олорон эрэ оонньууру тулуйар ханаат, ону дьиэ үрдүгэр хайдах иҥиннэрэн туруорар боппуруос турда. Григорий Григорьевич хайы-үйэ ааҕан-суоттаан, хайдах оҥоруохтааҕын былааннаан, өйүгэр оҥорон, кумааҕыга чертежтаан бэлэм сылдьар буолан, барыта этэҥҥэ баран истэ. Тыыбытын хамсатар ханааттар, бортовкаттан тигиллибит долгуннар, көлүөһэлэр, долгуну хамсатар ханааттар оҥоһулуннулар, онно эппиэттээх туспа дьон ананнылар. Спектакль бэлэмэ бүтэн, үбүлүөйбүт субу кэллэ, куораттан Саха театрын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ Дмитриев И.А., култуура министирин бастакы солбуйааччы Зайкова Н.М., норуот айымньытын дьиэтиттэн Ядреев В.Р., народнай театрдар специалистара Гоголева Т.А. кэллилэр. Биһиги долгуйуу бөҕө. Спектакльбыт ситиһиилээхтик ааста, ырытыы буолбутугар бары тыл эттилэр, улахан сыыһаны булбатылар, мөхпөтүлэр, хата сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр, тыа дьоно ордук чугас эбиттэр диэн хайҕаатылар, Гриша биһикки үөһэ тыынныбыт.

Салгыы үлэлээн истибит, Гриша туох эрэ саҥаны киллэриэн баҕа бөҕө, аны эргийэр сцена оҥорбут киһи диэн турда. Инньэ гынан худуоһунньугум мындыр өйүнэн, уус илиитинэн эргийэр сценаны оҥорон таһаарда. Онон А.Н. Островскай “Бальзаминов ойохтонуутуттан” “Сылдьыбыт сыыһы булар” комедияны туруорбуппут. Л. Попов “Улуу Туймаада” айымньытын кириэппэс курдук барытын хаптаһынынын оҥорон биэрбитэ. Бииргэ үлэлээбит кэммитигэр 60-ча спектакллары, элбэх айар киэһэлэри, кэнсиэртэри туруорбуппут, онно барытыгар Григорий Григорьевич талааннаах тарбаҕынан уруһуйдаан, суруйан, уотунан киэргэтэн, хаһан да хатыламматтык оҥорон үөрдэрэ. Бэйэтэ олус бэртээх, талааннаах артыыс этэ. Тыла суох саллаат оруолуттан саҕалаан, “Суоһалдьыйа Толбоннооххо” – Баргый баһылыгын Маҥхаадайы, “Ньургун Боотурга” – Уот Уһутаакыны, “Эмээхситтэр эргэ тахсаллар” – Абдулланы, о.д.а. оруоллары кыайа-хото тутан толорбута. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах буолар. Ол курдук баяҥҥа бэйэтэ доҕуһуоллаан бэртээхэй ырыалары суруйбута. Толомон тылларыгар “Кыталыктар”, “Хатыҥчааным”, В.Петров тыл. – “Ырыа”, П. Одорусов тыл. – “Сэрии тыыннаах туоһута”, о.д.а. ырыалары айбыта.

2000 сылга оҕолорун үөрэттэрээри Хаҥалас Өктөмүгэр көһөн, онно народнай театрга худуоһунньуктаабыта да, өйдүүн-санаалыын, дууһалыын Муомаҕа тардыһара, ахтара, сарсыарда аайы эрдэ баҕайы эрийэн уһугуннарара, кэпсэтэрэ, сүбэлиирэ. Дьокуускайга спектакль туруорарбытыгар быһаччы көмөлөспүтэ, Тамара Константиновна дойдутугар бииргэ барсан, онно тиийэн Суола дьоно кинини бары билэллэриттэн, үөрэ көрсүбүттэриттэн наһаа да үөрбүтэ.

Өктөмҥө театр аһыллыытыгар ыҥырыылаах ыалдьыт буолан тиийбиппэр ханнык да үрдүк сололоох ыалдьыттары көрсүбүтүнээҕэр үөрбүтэ, дьиэтигэр тиийэн түүнү быһа кэпсэппиппит. 2004 с. олохтон барыар диэри күнүн аайы кэпсэтэ, билсэ олорбуппут. Оһолго түбэһэн олохтон барбытыгар 40 хонугар ахтыы киэһэтигэр баран кэлбитим. Григорий Григорьевич сааһыран иһэн кэргэннэнэн, икки үчүгэйкээн оҕолордоох. Кэргэнэ Наталья Гаврильевна туох-баар сыратын ууран туран оҕолорун үрдүк үөрэхтээтэ. Ганя Новосибирскайдааҕы суол институтун бүтэрбитэ, үс сыл Алдаҥҥа үлэлээн баран, билигин Дьокуускайга экспердинэн үлэлиир, идэтэ муоста тутууларын инженерэ. Нарыйа эмиэ тутуу инженерэ, Дьокуускайга тутар хампаанньаҕа үлэлиир.

Муома оройуонун култуурата сайдарыгар кылаатын киллэрсибит театр худуоһунньуга, ырыа айааччы, ССРС култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Г.Г. Иванов баара буоллар, быйыл 70 сааһын бэлиэтээбит буолуо этэ. Өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегам, убайым курдук күндүтүк саныыр киһим Григорий Григорьевич туһунан өйдөбүл миэхэ куруук тыыннаах, өйтөн-сүрэхтэн сүппэт», — диэн суруйар И.Н. СЛЕПЦОВА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

«Индигир уоттара» хаһыат