Омук тыла 2022 сылтан булгуччулаах эксээмэн буолуоҕа

Аҕыйах хонуктааҕыта Үөрэҕи уонна науканы кэтээн көрөр федеральнай сулууспа салайааччыта Сергей Кравцов үгэскэ кубулуйбут төрөппүттэри кытта көрсүһүүтэ буолла. Салайааччы, төрөппүттэри долгутар үөрэххэ сыһыаннаах араас  ыйытыыларга хоруйдаата. Олортон биирдэстэринэн омук тыла булгуччулаах эксээмэн ахсааныгар киириитин туһунан буолар.


Тустаах ыйытыыга Сергей Кравцов: “Мин көрдөхпүнэ, тохсус кылаастарга баар билиҥҥи быраабыла саамай табыгастаах: икки булгуччулаах биридимиэт – нуучча тыла уонна математика, итиэннэ икки талар, ол иһигэр омук тыла эмиэ”,— диэн быһаарда. Оттон 11-с кылаастарга, ыстандаарка олоҕуран, омук тыла 2022 сылтан булгуччулаах биридимиэт кэккэтигэр киириэҕэ диэн иһитиннэрдэ. Бу хайаан даҕаны англия тыла диэн өйдүүр сыыһа. Күн бүгүн оскуоланы бүтэрээччи, уопсайа, биэс омук тылын талар кыахтаах – англия, испания, француз, ньиэмэс уонна кытай.

Санатан эттэххэ, кытай тыла быйылгыттан киирбитэ, Саха сиригэр 2019 сылга биир даҕаны оҕо туттарбата. “Тустаах биридимиэти  суругунан эрэ буолбакка, тылынан чааһын эмиэ толоруохтара. Оҕолорбут омук тылынан судургутук кэпсэтэллэригэр баҕарабыт”, — диэн эттэ. Итиэннэ омук тылыгар эксээмэни, арааһа, математика курдук судургутутуллубут (базовый) уонна уустугурдуллубут (профильный) таһымнаах гынарбыт буолуо диэн ыйда.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Рособрнадзор саайтыттан

0
0