Баанньык дуу, интэриниэт дуу? Муомалар бырайыактарын таллылар

Баанньык дуу, интэриниэт дуу? Муомалар бырайыактарын таллылар

«Осикат» этно-культурнай кииҥҥэ Муома национальнай нэһилиэгэр киирсэр Хонуу бөһүөлэгин уонна Суон Тиит учаастагын олохтоохторун уопсай мунньахтара буолла. Манна кинилэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа кыттыһан, бэйэлэрин тус санааларын, баҕаларын биллэрэ, туруорсууларын туруулаһа кэллилэр.


Олохтоох көҕүлээһиннэр бырайыактара Саха Республикатын Правительствотын 2017 сылтан ыам ыйын 20 күнүнээҕи «Саха Республикатын территориятыгар олохтоох инициативаларга олоҕурбут общественнай инфраструктура бырайыактарын олоххо киллэрии» уурааҕынан үлэлиир. Уураахха этиллэринэн, республика государственнай бюджетыттан бырайыактарга субсидиялары анааһын туспа усулуобуйалаах. Ол курдук үбүлээһин олохтоох бюджеттан 5 %, олохтоох нэһилиэнньэттэн, спонсордартан 3% киирбит буолуохтаах. Манна инициативаны туруорсубут дьон бырайыак туолан олоххо киирэрин хонтуруоллуохтаахтар. 2017 сылтан бу уурааҕынан республикаҕа үгүс үлэ ыытылынна. Ыраата барбакка эттэххэ, Муома оройуонун Төбүлэх нэһилиэгэр спортивнай саала хапытаалынай өрөмүөнэ олохтоох көҕүлээһин бырагырааматынан быйыл 2019 с. оҥоһулунна.

Тосхойбут дьоро киэһэҕэ Муома оройуонун баһылыга Иван Павлов уонна Муома национальнай нэһилиэгин баһылыга Александр Андреев «Осикакка» кэлбит дьон санаалара туолан, туруорсубут көҕүлээһиннэрэ олоххо киирэллэригэр баҕардылар, онно оройуон, нэһилиэк өттүттэн үлэ ыытыллыаҕар мэктиэлээтилэр.

Мунньаҕы финансовай-экономическай управление экономическай салаатын начальнига Фаина Атласова салайан ыытта. Кини олохтоох инициативалар программаларын өйөөһүн туһунан кылгастык иһитиннэрдэ уонна куоластааһын хайдах барыахтааҕын ыйда.

Олохтоох инициативалар бырайыактара 2020 с. ыытыллаллара былааннанар, манна муниципальнай тэриллиилэр тустаах бөлөхтөрө үлэлииллэр. Кыайбыт бырайыагы үбүлээһиҥҥэ республикаттан субсидия быһыытынан 1,5 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Олохтоохтор баҕа өттүлэринэн кытталлар. Кинилэр талан ылбыт бырайыактара олоххо киирэрэ эрэбиллээх.

Мустубут дьоҥҥо оройуон уонна нэһилиэк инициативаларыгар икки кумааҕы лииһин түҥэттилэр. Муома оройуона 2020 сылга олохтоохтор баҕаларынан үс бырайыагы туруорда. Ол курдук бааннай-прачечнай комплексы Хонуу бөһүөлэгэр тутууну, культура уонна сынньалаҥ пааркатын саҥардыыны, кииннэммит библиотека ситимин дьиэтин өрөмүөннээһини киллэрдэ.

Оттон Хонуу нэһилиэгэр алта бырайыак: 1 №-дээх кылабыыһаны күрүөлээһин, экскаваторы атыылаһыы, нэһилиэккэ спутниковай сибээһи (Интэриниэти) сайыннарыы, Хонууга уонна Суон Тииккэ киириигэ баар стелалары реконструкциялааһын, Хонуу уонна Суон Тиит муосталарын өрөмүөннээһин, тротуардары тэлгээһин – дьүүлгэ турдулар.

Итилэртэн олохтоохтор биири талыахтаахтара эбэтэр бэйэлэрин биир туруорсууларын киллэриэхтээхтэрэ.

Бааннай-прачечнай комплекска былаан быһыытынан суунар уонна таҥас сууйар (аутсорсинг ньыматынан) отделлар үлэлиэхтээхтэр. Итини тэҥэ манна дуогабардаһан бытовой өҥөнү толорор биирдиилээн урбаанньыттар (холобур, баттах кырыйар) үлэлиэхтэрин сөп.

Культура уонна сынньалаҥ паарката тупсарыллара хаһан да наада. Эһиилги Кыайыы 75 сылыгар элбэх тэрээһиннэр буолуохтара. Итини таһынан манна сыллата ыһыах ыһыллар итиэннэ атын норуоттар бырааһынньыктара (Эвинек, таба бырааһынньыга, кыһыны атаарыы уо.д.а.) эмиэ буолаллар.

Библиотека ситимин дьиэтэ, уруккута маҕаһыын, өрөмүөннэнэр кэмэ кэллэ. Саҥардыы, хапытаалынай өрөмүөн барыан наада. Манна элбэх кинигэ, периодика фондата хараллан сытар, кинилэр үчүгэй, сөптөөх усулуобуйаҕа ууруллуохтаахтара өйдөнөр.

Муома национальнай нэһилиэгин иһинэн киирбит бырайыактар эмиэ наадалаахтар. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ Интэриниэт бастакы миэстэҕэ турара мэлдьэһиллибэт. Итини таһынан бөһүөлэк иһигэр-таһыгар баар тутуулары – кылабыыһаны, муосталары, стелалары, тротуардары тупсарыы, саҥардыы туһаттан атыны аҕалбаттар.

Дьон ити бырайыактартан биири талан гражданскай инициативалар программаларыгар тус санааларын тириэрдэллэрэ хайҕаныан эрэ сөп. Маннык программа республикабытыгар, оройуоммутугар үлэлиирэ нэһилиэнньэ сүргэтин көтөҕөр, олоххо эрэли үөскэтэр.

Мунньах кэмигэр биирдиилээн туруорсуу аҕыйах киирдэ. Ол курдук оройуоннааҕы баһаарынай сулууспа салайааччыта Серафим Мараказов атын нэһилиэктэргэ киирэр инициативалар оройуон иһинэн эмиэ көрүллүөхтээхтэрин ыйда. Муома орто оскуолатын учуутала, нэһилиэк депутата Лидия Неустроева оройуоҥҥа музей үлэлиирэ хайаан да наадатын эттэ, дьон итини биһирии иһиттилэр. Билигин музей хоһо «Осикат» э/к кииҥҥэ үлэлээн эрэр, кэнникитин манна киирэн биэрэн, киин элбэх функциялаах тэрилтэҕэ уларыйыан сөп. Итини культура үлэһитэ Эльвира Корякина эмиэ санатта.

Экономическай отдел салайааччыта Фаина Атласова уонна Муома национальнай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Иван Дягилев куоластааһыны иһитиннэрдилэр.

Оройуон бырайыагын куоластааһыныгар 194 киһи кыттыбытыттан баанньыкка – 84 киһи, пааркаҕа – 43 киһи, библиотекаҕа – 21, этно-культурнай киин иһинэн музейы тэрийиигэ – 13, тымныы ууну киллэриигэ 2 киһи куоластарын биэрдилэр. 31 лиис дьиҥэ суоҕунан ааҕылынна.

Муома национальнай нэһилиэгэр Интэриниэти (спутниковай сибээс) сайыннарыыга 130 киһи, кылабыыһаны күрүөлээһиҥҥэ – 31, муосталары өрөмүөннээһиҥҥэ – 28, тротуары тэлгэтиигэ – 27, экскаваторы ылыыга 29 киһи куоластаатылар, 36 киһи атын туруорсуулары киллэрдилэр.

Түмүккэ норуот боростуойдук «баанньык уонна Интэриниэт кыайдылар» диэтэ. Бырайыактар тутуллуулара аны туһааннаах тэрилтэлэртэн эрэ ирдэммэккэ, олохтоохтортон эмиэ тутулуктаах буолла. Биирдиилээн дьон, спонсордар көмөлөрө бырайыактар олоххо киирэллэригэр төһүү күүс буолуохтара.

Ааптар: Т. СЛЕПЦОВА.