Сонун бырайыак
Тапталлаах Дьокуускайбыт, национальнай өрөспүүбүлүкэ киин куората буоларын быһыытынан, сахалыы тыыннаах, ураты көстүүлээх, дириҥ суолталаах тутуулара-оҥоһуктара элбээн иһэллэрэ буоллар, дэлэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо! Куораппыт тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар биир оннук сонун идиэйэни иитиэхтии сылдьар киһинэн педагог идэлээх Наталья ПАВЛОВА буолар. Туох ис хоһоонноох оҥоһук буоларын ааптартан бэйэтиттэн истиэҕиҥ.
— Наталья Петровна, мин көрдөхпүнэ, бэрт интэриэһинэй көрүҥнээх оҥоһук. Бу бырайыагыҥ хайдах үөскээбитин билиһиннэриэҥ дуо?
— Бу саас куорат устун сатыы дьаарбайа сылдьан, өйдөөн көрбүтүм — сахалыы колориттаах тутуу, оҥоһук Дьокуускайбытыгар олох аҕыйах эбит. Ол иһин куорат олохтооҕо буоларым быһыытынан, «хайдах эмит киэргэппит киһии!» диэн бастакы баҕа санаа онно үөскээбитэ.
Онтон сайын куораппыт биир бэлиэ эрэстэрээнигэр сылдьыбытым — саала иһэ толору омук дьоно этэ, Японияттан кэлэ сылдьар ыалдьыттар. Оттон итинтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ, Ленин болуоссатыгар, киһи хараҕа хатанар, болҕомтотун тардар, саха омук киин куората буоларын туоһулуур бэлиэ тутуу, оҥоһук суоҕа хомотор. Ол онно үөскээбит санааларбыттан бу «Туймаада кыһыл көмүс кураннара» («Золотые куранты Туймаады») диэн бырайыагы айан таһааран, сурукка тиһэн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар киллэрбитим, билиҥҥитэ туох да хоруй суох.

— Үс хомус үрдүгэр чаһы турар эбит, икки эргимтэлээх, алларатыгар төгүрүк шар баар. Ис хоһоонноруҥ быһааран биэриэҥ дуо?
— Куорат чаһыта диэн элбэх дойдуга, ол иһигэр, Арассыыйа куораттарыгар эмиэ, биир дириҥ суолталаах бэлиэ сир буолбута ыраатта. Биһиги Дьокуускайбытыгар чуолаан итинник суолталаах, саха норуотун уратытын көрдөрөр, историятын кэрэһилиир чаһыбыт суох.
Маны таһынан, архитектура өттүнэн хомус быһыылаах Куорат чаһыта күн ортотугар хомус тыаһынан дьүрүһүйэрэ үтүө үгэс буолуо этэ.
Үсүһүнэн, национальнай колориттаах Куорат чаһыта туристар, ыраахтан кэлэр ыалдьыттар болҕомтолорун киинэ буолара чуолкай. Ити аэропорт оройуонугар туруоруллубут кыһыл көмүс острог, Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт таһыгар турар мамонт курдук.
Бу хомус тыастаах музыкальнай Куорат чаһытын куораппыт киинигэр, Ленин болуоссатыгар, туруорар бэрт буолуо этэ.

— Чаһы кураннарын хомус тыаһынан солбуйар — чахчы бэртээхэй идиэйэ! Аны үс хомуска тирэнэн турара эмиэ бэйэтэ туспа суолталаах буолуо?
— Миэхэ бу бырайыак үөһэттэн этиттэрии быһыытынан кэлбитэ диэн этиэх кэриҥнээхпин. Бастаан хомуһу пьедестал үрдүгэр сытар, онтон турар курдук көрбүтүм.
Онтон билэр худуоһунньукпун кытта көрсүһэн, ситэрэн-хоторон биэрбиппит: үс хомус саха үс кутун — салгын куту, ийэ куту, буор куту — туоһулуур. Ортотугар — төгүрүк сирбит.
Икки эргимтэ — оһуохайдыы сылдьар дьон, ити уотунан-күөһүнэн киэргэтиллэн, ыраахтан киэркэйэ-күлүмүрдүү туруохтаах. Ити үрдүгэр — үс эргимтэ. Уонна саамай чыпчаалыгар, чаһы үрдүгэр элбэх араас омук олорорун туоһулуур ил-эйэ бэлиэтэ баар. Чаһы инниттэн-кэнниттэн көстөр буолуохтаах.
Итиэннэ бары билэргит курдук, хомус тыаһа космоһы кытта дьүөрэлэһэр, ыраастыыр аналлаах — онон, өрөспүүбүлүкэбит киинин бу Куорат чаһыта хомус тыаһынан ыраастыы туруохтаах.
— Наталья Петровна, эн бу бырайыагыҥ архитектура оҥоһугун эрэ курдук буолбакка, иккис эмиэ аналлаах диэбитиҥ, ол тугуй?
— Оннук. Иккис суол быһыытынан, мин бу үс хомустаах чаһыны ювелирнай оҥоһук быһыытынан эмиэ көрөбүн. Үрүҥ көмүстэн оҥоһулларынан, кээмэйин ювелирнай фирманы кытта сүбэлэһэн быһаарыахпыт этэ. Билигин саха киһитэ үксэ харысхал киэргэллэрдээх, маллардаах — олору уурарга, ыраастыырга аналлаах оҥоһук буолуохтаах.
Чаһытыгар эмиэ хомус тыаһын киллэрэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, хомус тыаһа ыраастыыр, эмтиир эрэ буолбакка, үбү-харчыны, баайы-дуолу тардар күүстээх.
Чаһытыгар эмиэ хомус тыаһын киллэрэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, хомус тыаһа ыраастыыр, эмтиир эрэ буолбакка, үбү-харчыны, баайы-дуолу тардар күүстээх.
— Сүрдээх үчүгэй ис хоһооноох, дириҥ суолталаах бырайыагы толкуйдаабыккын. Сахатын туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар-кыһаллар, туруулаһар, кыахтаах дьон икки илиитинэн өйүүрүгэр баҕарабын!
Кэпсэттэ Вера МАКАРОВА.
Хаартыскаларга: бырайыак ойуута уонна ааптара Наталья Павлова.
0
0