Айсен Николаев Өлүөнэ муостата 2025 сылга диэри тутуллуо диэн эрэнэр

Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсөн Өлүөнэни туоруур муоста тутуутун хаамыытын туһунан кэпсээбит: «Соторутааҕыта мин дойду аҕа баһылыгар Владимир Путиҥҥа тутууга бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин туһунан иһитиннэрии оҥордум. Владимир Владимирович бары өттүнэн үөрэтэн, чинчийэн баран биһиги бырайыакпытын өйөөтө. Дьокуускай таһыгар муоста тутулуннаҕына Саха сирэ эрэ буолбакка, хотугулуу-илин сытар эрэгийиэннэр эмиэ сайдар кыахтаналлар».

Айсен Николаев бу хайысхаҕа биир сыл иһигэр балай эмэ үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ: «Бу улахан үлэттэн таҕыста диэн санатыам этэ. Ааспыт сыл атырдьах ыйыгар дойду бэрэсидьиэниттэн сорудах ылан баран, араас таһымнаах кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Дойду хас даҕаны министиэристибилэрин, баараҕай тэрилтэлэрин, бырайыактыыр институттарын кытта көрсөн үлэлэспиппит. Балартан барыларыттан өйөбүл ыламмыт бэрэсидьиэҥҥэ этии киллэрдибит, ону кини өйөөтө».

Айсен Сергеевич бу баараҕай тутуу олоххо киирэрэ улахан эппиэтинэстээҕин тоһоҕолоон эттэ: «Бу быһаарыытынан Владимир Владимирович Саха сирин сайдыытыгар үтүө санаатын көрдөрдө. Биһиги итини өйдүөхтээхпит уонна өйүөхтээхпит. Мантан ыла Саха сирин салалтатыгар улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Тоҕо диэтэргит, Арассыыйа Бырабыытылыстыбата сөптөөх быһаарыыны ылыннаҕына, 2025 сылга диэри муостабытын тутан үлэҕэ киллэрэр сорук турар”.

 

0
0