Өймөкөөн Үчүгэйигэр эбээн тылын харыстыырга ураты болҕомто уураллар
2019 сыл төрүт олохтоох норуоттар тылларын аан дойдутааҕы сылын бэлиэтинэн барар. Эбээн норуота түөлбэлээн олорор Үчүгэй нэһилиэгэр оҕо уһуйааныгар уонна оскуолаҕа кэнчээри ыччат төрөөбүт тылынан саҥарар буоллаҕына, билиитэ-көрүүтэ дириҥиир, атын омук тылын ылынара судургутуйар диэн эрэллээхтэр. Онон бу кыракый сэлиэнньэҕэ эйэ-дэмнээхтик олорор сахалар, эбээннэр, нууччалар, юкагирдар о.д.а. норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ доҕордоһууларын кэрэһэлииллэр.
Манна олорон ааспыт эбээн норуотун талааннаах сэһэнньитин, ырыаһытын, фольклориһын, тыыл бэтэрээнин Егор Андреевич Даниловы олохтоох дьон күн бүгүҥҥээҥҥэ дылы истиҥник ахтар-саныыр, кэриэстиир.
Бөлүһүөк төрөөбүт тылын сүмэтин дэгиттэр баһылаабыт кырдьаҕас этэ. Кини сэһэннэрэ, ырыалара, номохторо эбээн норуотун устуоруйатын, култууратын энциклопедията диэххэ сөп. Е.А. Данилов омук бэйэтин тылын билиэхтээх, өбүгэ үгэһин тутуһуохтаах диэн санаанан салайтарара, оҕолор кини эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин, дьарыктарын туһунан кэпсиирин олус сэргээн истэллэрэ. Баай устуоруйалаах, култууралаах, үгэстээх эбээн норуотун духуобунаһын ымпыгар-чымпыгар дылы билэр ытык кырдьаҕас тугу билэрин-көрөрүн барытын ыччатыгар тиэрдэ сатыыра.
Оҕо төрөөбүт тылын-өһүн, норуот үтүө үгэстэрин сүтэрбэтин туһугар Үчүгэй орто оскуолатыгар эбээн тылын фольклорун үөрэтэр эбии үөрэхтээһин куруһуога ситиһиилээхтик үлэлиир, онтон оҕо уһуйааныгар быйылгыттан эбээн тылын үөрэтэллэр.
Биһиги общественнай кэрэспэдьиэммит Наталья Громова иһитиннэрбитинэн, соторутааҕыта Үчүгэй нэһилиэгэр Данилов Е.А. төрөөбүтэ 110 сааһын көрсө эбээн тылынан “Хопкил төрэнти” диэн хоһоон куонкуруһа буолла. Онно аймахтарын ааттарыттан Лилия Громова уонна Ирина Винокурова ытык кырдьаҕас олоҕун, айар үлэтин туһунан кылгастык сырдаттылар. Дьокуускайтан биллиилээх юкагир суруйааччыта Улуро-Адо Гаврил Курилов кыыһа, Егор Андреевич аймаҕа, суруналыыс Кира Курилова истиҥ тыллаах видеонан эҕэрдэтин ыыппытын үчүгэйдэр сэҥээрэ, сонурҕуу иһиттилэр.
Куонкуруска оҕо уһуйаанын 3 саастаах иитиллээччилэриттэн саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ, хас да бөлөххө арахсан, барыта 44 оҕо, 14 улахан киһи кытынна.
Куонкурус “Умтичан” диэн Үчүгэй орто оскуолатын иһинэн үлэлиир фольклорнай ансаамбыл маҥан тугут туһунан туруорбут дьүһүйүүтүнэн саҕаланна. Егор Данилов хайаҕа харбаһар хайалардаах, ыраас кылыгырыы сүүрэр үрүйэлэрдээх төрөөбүт дойдутун туһунан хоһуйбут хоһооннорун киһи истэ эрэ олоруон курдук эбээннии тылынан бииртэн биир кыттааччы тахсан аахта.
Түмүккэ кыайыылаахтары грамоталарынан наҕараадалаатылар. Онтон саамай бастыҥ ааҕааччыга — 6-с кылаас үөрэнээччитигэр Самаана Винокуроваҕа Е.А. Данилов аймахтарын ааттарыттан Гран-при быһыытынан статуэтканы бэлэх туттардылар.
Ааптар: Надежда КОРЯКИНА