Нам улууһун Таастааҕар хотон тутуута тэтимирэр

Ааспыт өрөбүллэргэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, «Сахаагроплем» тэрилтэ салайааччыта Василий Лукин уонна ФАПК «Туймаада» исписэлиистэрэ Нам улууһугар үлэлээтилэр. Ол курдук саха ынаҕын иитиинэн дьарыктанар «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай тэрилтэ Таастааҕы отделениетыгар сылдьан сүөһүлэр туруктарын көрдүлэр, саҥа тутулла турар хотон үлэтин тэтимин көрдүлэр. Таастаах отделениетын сэбиэдиссэйэ Ольга Аргунова хаһаайыстыба үлэтин билиһиннэрдэ.


150 миэстэлээх аныгы, толору хааччыллыылаах хотон тутуута балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Миниистир тутуу генеральнай бэдэрээччитин («Паритет» ХЭТ) кытта көрсөн, эбийиэк бу сылга тутуллан бүтэн, үлэҕэ киириэхтээҕин тоһоҕолоон эттэ. Таастаахтар билиҥҥитэ 172 төбө саха ынахтаахтар, онтон ыанар ынаҕа 52. Сүөһүлэр кыстыкка бэлэмнэр. Манна номнуо бастакы төрүөҕү ылбыттар эбит — ньирэй бу нэдиэлэҕэ төрөөбүт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Ыйааҕынан 2024 сылга дылы саха ынаҕын ахсаана 1000-тан тахсыахтаах. Билигин саха сүөһүтүн уопсай ахсаан 2 тыһыынчаттан тахса. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, сүөһү ахсаана 18%-нан, онтон ынах 17%-нан элбээбит. Онон саха ынаҕын, саха омук баайын элбэтиигэ-үксэтиигэ үлэ ыытыллар.

Уопсайынан, кэнники сылларга саха ынаҕар болҕомто ууруллар буолла. Бастакы толору хааччыллыылаах, аныгы 120 миэстэлээх хотон Эбээн Бытантай улууһугар Баатаҕай Алыытыгар 2018 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Онон бу Таастаах хотоно иккис улахан тутуу буолар.

Инникитин да саха ынаҕар үлэ манан эрэ тохтообот диэххэ наада. Кэлэр сылларга Горнай, Үөһээ Бүлүү, Амма улуустарыгар хотон тутуута былааннанар.

***

ТХМ пресс-сулууспата

Сообщение Нам улууһун Таастааҕар хотон тутуута тэтимирэр появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.