Ил Дархан Айсен Николаев «Биһиги – Арассыыйа инникитин түстүүбүт» диэн оҕону уонна ыччаты кыра сааһыттан төрөөбүт дойдуга истиҥ тапталга, сиэрдээх буолуу сиэригэр иитии бырайыагын көҕүлүүр ыйааҕы, бэҕэһээ сэтинньи 20 күнүгэр таһаарбытын номнуо дьон-сэргэ киэҥ араҥата өйөөтө.
edersaas.ru
Докумуон чэрчитинэн, Саха сирин судаарыстыбаннай бэлиитикэтин тумус туттар сыала-соруга – социальнай эппиэтинэстээх, аҕа дойдутугар бэриниилээх, дьиэ кэргэнин, төрөөбүт түөлбэтин, дойдутун сайыннарарга үлэлиир баҕалаах саҥа көлүөнэни, Арассыыйа эбэ хотун дьоһун олохтоохторун иитэн таһаарыы.
Маннык үтүө саҕалааһыны өрөспүүбүлүкэ ыччата эмиэ өйөөтө. «Айсен Сергеевич өбүгэ үгэһин ытыктаан, киһиэхэ оҕо сааһыттан төрөөбүт дойдуга, төрүт култуураҕа таптал сырдык иэйиитин иҥэриини түстээбитин биһиги сэргээтибит. Хомойуох иһин, биһиккин ыйаабыт сиргэр, дойдугар таптал сааһыран истэҕиҥ аайы хойут уһуктар. Эдэр экэнэмиистэр түмсүүлэрэ буоларбыт быһыытынан, оскуола оҕолорун, ыччаты төрөөбүт нэһилиэктэриттэн, куораттарыттан, улуустарыттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кыттыһыннарарга үлэлэһэбит. Хас биирдии киһи Сахабыт сирин инники сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэриэн сөп.
Ил Дархан көҕүлээбит форума дойду араас эрэгийиэннэриттэн элбэх киһини түмэ тардыа диэн эрэнэбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ сомоҕолоһуу сыла ыырын кэҥэтэн, национальнай соругу ситиһэргэ бары субъектар сомоҕолоһоллоро наадалаах», — диэн санаатын үллэстэр Майя Курнева, СӨ Эдэр экэнэмиистэрин түмсүүтүн салайааччыта, Анал идэни сайыннарар институт дириэктэрин солбуйааччы.
Марианна Тыртыкова «Саха сирэ», edersaas.ru