Сунтаар улууһугар аныгылыы саҥа хотоннор тутуллан үлэҕэ киирдилэр

Сунтаар улууһугар аныгы сайдыылаах үйэҕэ үлэлииргэ табыгастаах киэҥ-куоҥ, сырдык, сылаас, аныгылыы саҥа хотоннор тутуллан үлэҕэ киирдилэр.


Сэтинньи 20 күнүгэр, Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, тыа хаһаайыстыбатын управлениятын салайааччыта Иван Тихонов уонна баайга-дуолга сыһыаннаһыыларын комитетын салайааччыта Сергей Барамыгин Кириэстээххэ саҥа ирдэбилгэ эппиэттиир убойнай сыах, Дьаархаҥҥа уонна Илимнииргэ 50 миэстэлээх хотоннор, Кутанаҕа 100 миэстэлээх саҥа комплекс үлэҕэ киирэр үөрүүлээх аһыллыы тэрээһиннэригэр сылдьан бар дьоҥҥо бэйэ оҥорбут бородууксуйатынан күндүлээн, үүнэ-сайда туруҥ – диэн мааны алгыс тылларын анаатылар.

Кириэстээх нэһилиэгэр Владимир Егоров бэрэсэдээтэллээх «Крестях» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииб тэрилтэтэ саҥа тэриллэринэн хааччыллыбыт, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттир убойнай сыаҕын арыллыытыгар нэһилиэк баһылыга Александр Григорьев, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, айылҕа харыстабылын туйгуна, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера Михаил Коколов уонна Үлэ Албан аат уордьан толору кавалера, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ «Хотугу Сулус» уордьан кавалера Владимир Михайлов бэйэлэрин кэс тылларын анаатылар.

Кылаабынай зоотехник Августина Трифонова сыах тутуутугар төһүү күүс буолбут дьоҥҥо махтанан туран сыах тутуллуоҕуттан хайдах тэрээһин үлэтэ барбытын сырдатта. Мустубут дьоҥҥо сыахха киирбит сүөһү астанарын, үлэ автоматизация нөҥүө хаамыытын көрдөрдүлэр. Сыахха атыыга бэлэм аныгылыы упаковкаламмыт эт бородуукталара көрдөрүүгэ турда.

Салҕыы Дьаархан нэһилиэгэр крестьянскай фермерскай хаһаайыстыбалаах Иван Семенов 50-ча хороҕор муостаах киирэр аныгылыы тииптээх каркаснай саҥа хотону тутан дьэндэттэ.

Семеновтар – дьиэ-кэргэн оҕолорун ыарахан үлэттэн толлубат, ылсыбыт дыалаларын тиһэҕэр тириэрдэр үтүө үлэһит дьон гына иитэн таһаарбыттарын нэһилиэк олохтоохторо биһирии кэпсииллэр. Ол да иһин эдэр фермер Иван Семенов СӨ Тыа хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин гранын ылан бэйэтин төрөөбүт дойдутугар эдэрдэргэ үтүө холобур буолан үлэлии-хамсыы сылдьар. Хотону бырайыактаан туппут прораб Станислав Семенов тутууга төһүү күүс буолбут дьону ахтан-санаан махтал тылларын анаата.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга Максим Архипов уонна нэһилиэк олохтоохторо эҕэрдэ тыл маанытын эттилэр. Хаһаайыттар сандалы остуолларыгар бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын сип-сибиэһэй сыыры ыалдьыттарга амсаттылар.

Онтон Илимниир нэһилиэгэр крестьянскай фермерскай хаһаайыстыбалаах Александр Антонов дьиэ-кэргэннэрэ 50 миэстэлэх саҥа хотон туттубут. Хаһаайыттар хороҕор муостааҕы таһынан хотонноругар хаһаайыстыбаҕа түргэнник ситэр көрүҥнэри дьиэ көтөрдөрүн кууруссалары уонна кроликтары иитэн тураллар. Инникитин бэйэлэрин кыахтарынан хотоҥҥо иккис этээстээн ичигэс теплица туттар былааннаахтар.

Кутана нэһилиэгэр Яков Егоров бэрэсэдээтэллээх «Сомоҕо» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ 100 миэстэлээх сүөһү иитэр комплекс тутан үлэҕэ киллэрдэ.

Саҥа эбийиэк аһыллыытыгар сахалыы сиэри-туому тутуһан нэһилиэк баһылыга Николай Давыдов уонна хотон тутуутугар күүс-көмө буолбут «Күүкэй» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын салайааччыта Данил Федоров аал уоту аһатан алгыстаах тылларынан астылар. Баараҕай хотон иэнэ 60х12 миэтирэ кээмэйдээх. Тыа сирин сибиэһэй бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйата дэлэйэригэр эдэр үлэһиттэр саҥа аныгылыы хотоҥҥо таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр инникитин олорор дьиэннэн хааччыйыы былааннанар.

***

«Сунтаар улууhа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Сообщение Сунтаар улууһугар аныгылыы саҥа хотоннор тутуллан үлэҕэ киирдилэр появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.