Ахсынньы 24 күнүгэр “Гяван” этнокултуурунай кииҥҥэ Бөрөлөөхтөөҕү дизельнай электростанция тэрилтэтэ 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Оройуон кииниттэн вездеходунан Чокуурдаахтааҕы РЭС салайааччыта, улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Бөрөлөөхтөн төрүттээх Альберт Васильевич Местников, маастар Василий Егорович Антонов, электромонтер Денис Игоревич Шульгин, вездеход суоппара Григорий Васильевич Кочкин кэлэн кэлэктииби эҕэрдэлээтилэр.
Бөрөлөөх дьаһалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Николай Николаевич Тереньтев эҕэрдэ тыл эттэ, бэлэх туттарда. Нэһилиэктэн үлэ бэтэрээнэ Полина Спиридоновна Рожина тыл эттэ. Бөрөлөөх оскуолатын дириэктэрэ Аяна Николаевна Хабарова ДЭС кэлэктиибигэр махтал сурук туттарда.
Бөрөлөөхтөөҕү электростанция 1964 сыл сэтинньи ыйыттан үлэлиир. ДЭС кэлэктиибэ нэһилиэккэ үчүгэй көрдөрүүлээх, олохтоохторго холобур буолаллар.
«Кыһыннары-сайыннары, күнүстэри-түүннэри тохтоло суох биһиэхэ сырдыгы биэрэ олороргут иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Таһаарыылаах үлэни, доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр истиҥ сыһыаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!», – диир Аграфена Бурцева, “Гяван” этнокултуурунай киин художественнай салайааччыта.
“Сайдыы суола” хаһыат.
Сообщение Бөрөлөөхтөөҕү ДЭС үбүлүөйүн көрсөр появились сначала на Ulus.Media — все главные новости из районов Якутии.