Уус буолан уһун соннонуохха сөп дуо?

Эрэдээксийэбитигэр икки күн субуруччу маһы ыллатар мас уустара ыалдьыттаатылар. Ол курдук, Тааттаттан төрүттээх Николай Петров уонна куоракка Никасон диэн аатынан биллэр Никита Колодезников-Матчитов кэргэниниин.

Идэ оҥостубут дьарыгым

Хас биирдии киһи дойдулаах, сүрэҕэр илдьэ сылдьар истиҥ өйдөбүллэрдээх. Оннук сырдык өйдөбүллэр оҕо сааһы кытта ыкса ситимнээхтэр.

— Ойор-тэбэр оҕо сааһым Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр ааспыта, — диэн Николай Петров кэпсээнин саҕалаата. Эбээ иһирэх, истиҥ тапталын билбит буоламмын, бу ытык сиргэ, Дьүлэйгэ ураты сыһыаннаахпын.

Аҕам Валерий Петров киһини өйдүүр буолуохпуттан уһанар этэ.  Ол иһин оҕо эрдэхпиттэн эр киһи уһанарын көрө улааппытым. Бу уол оҕо иитиитигэр улахан олук буолар эбит дии саныыбын.

Урут улуус ахсын промкэмбинээттэр диэн бааллара. Улуус иһигэр миэбэл арааһын оҥорон атыылыыллара. 90-сыллар ортолоругар биһиги улууспутугар баар промкэмбинээт сабыллан хаалбыта, онуоха аҕам бу кэмбинээти атыылаһан ылбыта. Ол да иһин буолуо, куруук киниэхэ илии-атах буолан көмөлөһө сылдьан, бу дьарыкпын идэ оҥостон кэбиспит эбиппин. Дьиҥэ, идэбинэн алмаас кырыылааччы буоллаҕым, ол эрээри ол идэбинэн улаханнык үлэлээбэтэҕим. Оскуоланы бүтэрээт, Смоленскай куоракка үөрэнэн кэлээт, аҕабар үлэҕэ киирбитим. Онтон 2000 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн, «Сахамебель» тэрилтэҕэ үлэбин саҕалаабытым. Дьэ, бу тэрилтэҕэ үлэ олохпор, үлэбэр-хамнаспар сүрүн уопуту биэрбитэ.

Эбээм ыскааба

2013 сыллаахха «ИП Петров» диэн тэрилтэ тэринэн үлэбин саҕалаабытым.

Эбээм Вера Варламовна Матвеева Дьүлэй нэһилиэгэр олорбута. Кэлин эбээм барахсан өлбүтүн кэннэ, эргэ иһит уурар ыскаабын таһырдьа таһааран кэбиспиттэрэ ардахха-хаарга сиигирэн иэдэйбитин булан, хомуйан, манна, куоракка аҕалбытым. Бэйэм сүрүннээн остуол, олоппос, ыскаап, иһит уурар ыскаап, таҥас угар ыскаап арааһын оҥоробун. Миэбэли оҥорор фабрикаҕа үлэлээбит буоламмын, фабрика ыстандаартын тутуһабын. Манна, Дьокуускайга «Махтал» эрэстэрээн миэбэлин оҥорбутум. Билигин саҥа аһыллыахтаах «Аврора» эрэстэрээн миэбэлигэр үлэлэһэ сылдьабын.

Миигин кытта быраатым Валера үлэлэһэр. Туора дьону үлэлэппэппин. Тоҕо диэтэххэ, сыл курдук үлэлэһэн, уопутуран баран, уурайан хаалаллар.

Хас биирдии уус туспа буочардаах

Хас биирдии уһанар киһи тус-туспа буочардаах буолар. Онон биһиги үлэбитигэр бэрт былдьаһыы, сакаас ылыыга дьону былдьаһыы диэн суох. Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно балаҕан туттар буоллулар. Дьэ, бу балаҕаннарын ис бараанын сахалыы оһуордаах-мандардаах миэбэлинэн толорорго дьулуһаллар.

Хас биирдии ыскаабым, оҥорор остуолларым, олоппосторум, хопполорум быһыыларын-таһааларын, оһуордарын барытын бэйэм толкуйдуубун. Тоҕо эрэ бачча сааспар диэри биир да быыстапкаҕа, куонкурустарга кытта иликпин. Оннук тэрээһиннэри улаханнык сэҥээрбэппин. Норуот маастара буоларга ыксаабаппын.

 

Дьиэ кэргэн – айар үлэ музата

Биһиги дьиэ кэргэн икки оҕолоохпут. Эрчимэн уонна Дьулуур диэн алталаах уонна түөрт саастаах уолаттардаахпыт. Кэргэним Өлүөхүмэттэн  төрүттээх, аата Мария диэн.

Үгүс киһи: «Дьиэҥ миэбэлин барытын бэйэҥ оҥорбутуҥ дуо!” —  диэн ыйытар. «Саппыкыта суох саппыкыһыт” диэбит курдук, сакаастан сакааска оҥорор буоламмын, дьиэбэр миэбэл оҥоро иликпин. Кэргэним мастарыскыайга кэлэн көрөн, наһаа ымсыырааччы, хаһан бэйэбитигэр манныгы оҥороҕун диэччи. Бу уһанар эйгэбэр төһүү күүс дьиэ кэргэним буолар. Уһаныы диэн айар үлэ кэриэтэ.

 

«Никасон» диэн таптал аат бренд буолбута

«Инстаграм» ситимигэр «Никасон бренд» диэн мастан миэбэл арааһын оҥорор ууһу билбэт киһи суоҕун кэриэтэ. Никасон кэргэнин Саргылаананы кытта киирбиттэригэр, «бу эн дьиҥнээх аатыҥ дуо?» — диэн ыйыта тоһуйдум.

  • Никасон диэн оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатым этэ. Дьиҥнээх аатым Никита диэн. Ыал буолан баран кэргэним араспаанньатын холбуу ыламмын, биһиги дьиэ кэргэн икки араспаанньалаахпыт.

Эһэм уус идэтигэр уһуйбута

Мин төрөөбүт сирим Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэ буолар. Ол эрээри, оҕо эрдэхпинэ Таатта улууһугар Уус Тааттаҕар көһөммүт, оскуоланы онно бүтэрбитим. Оҕо сылдьан сайын ахсын Намҥа сайылыы барарбыт. Эһээм Михаил Гаврильевич Татаринов 1929 сыллаах төрүөх,  Үөдэйгэ оскуола тутан, элбэх дьиэни-уоту дьэндэппит, бэйэтин кэмигэр Намҥа биллэр улахан уус эбит. Эһээм оҕонньору кытта сырдык оҕо сааһым ыкса ситимнээх. Күөлгэ киирэн туулуур этибит. Күөлгэ оонньуурбар миэхэ кыракый тыы оҕото оҥорон биэрбитэ, ону быалаан баран соһо оонньуурум. Ону таһынан, ох саа оҥорон бэлэхтээбитэ. Саха уол оҕотугар бу саамай күндү, туохха да тэҥнэспэт бэлэхтэр эбит. Ох саа оҥоһуута көрдөххө эрэ дөбөҥ курдук. Өбүгэлэрбит наһаа мындыр буоланнар, ох саа маһын талан, мындырдаан оҥороллор эбит. Онон эһээм барахсан, бэйэтэ да билбэтинэн, мин инники идэбин бэйэтин холобурунан ыллыктаабыт эбит.

 

Сөбүлүүр дьарык идэ буолара дьол

Мин бастакы улахан үлэм «Династия» диэн Швейцария чаһыларын атыылыыр маҕаһыын ыскааптара буолаллар. Кэлин «Каре» эрэстэрээн ис бараанын, миэбэлин оҥорбутум. Маннык сакаастар кииритэлиир буолбуттарыгар, 2015 сыллаахха тэрилтэ тэринэргэ санаммыппыт. Бастаан долгуйар этибит. Кэлин киһи уопутурар. Дьону кытта үлэлииргэ, сакаас ыларга чааһынай тэрилтэ буолар ордук эбит Уопсайынан, сөбүлүүр дьарык идэ буолара дьол дии саныыбын. Кэргэним идэтинэн буҕаалтыр буолан, суот-учуот барыта киниэнэ. Ону сэргэ, миэбэллэри кырааскалаһан, сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөр. Дьиҥ идэбинэн үлэ, черчение учууталабын. Онон уруһуйдуурбун, чертеж тардарбын олус сөбүлүүбүн. Тэрилтэ тэриниэм иннинэ аҕыйах сыл «Анаабыр алмаастарыгар»  үлэлээбитим. Дьиэ кэргэнтэн ыраах сылдьар, оҕолоруҥ улааталларын көрбөт буолуу, аҕа киһиэхэ, миэхэ, ыарахан этэ. Билигин үлэлиир тэрилтэм олбуорум иһигэр баар. Мастарыскыайбар оҕолорум киирэ-тахса сылдьаллар. Уолум кыччанар, ону-маны уһаммыта буолар. Ыал аҕата маска сыстан уһанара, уол оҕону сүрүннүүргэ, иитэргэ наһаа туһалаах дии саныыбын.

 

Билиҥҥи ыччат санаата көҥүл

Биһиги тэрилтэ тэринэрбитигэр уһун толкуйга түспүппүт. Онно холоотоххо, билиҥҥи ыччат санаата көҥүл. Саҥа дьыаланы саҕалыыртан толлубат. Онон ыччакка тугу сүбэлиэмий. Сөбүлүүр дьарыккытыгар ылсан иһиҥ эрэ диэхпин сөп.

Билигин уһанар мастарыскыайбар соҕотох үлэлиибин. Атын уустары кытта социальнай ситим нөҥүө билсэбит. Эдэр уустарга сүбэ-ама биэрэбит. Биһиги үлэбитигэр улахан бэрт былдьаһыы диэн суох. Хас биирдии уус уратылаах. Социальнай ситим сайдыбыт кэмигэр, дьон тала сылдьан бэйэтэ сакаастыыр. Сакаас ый ахсын киирэр. Сүрүннээн дьиэҕэ туттуллар миэбэли дьон хото сакаастыыр. Быыстапка, ол-бу куонкурустар эҥин туһунан билбэккэ, истибэккэ хаалабын. Улаханнык оннук аакка-суолга кыһаммаппын. Ким наадыйбыт, син биир булан сакаастыыр.

 

Өбүгэ тардылыга эбитэ дуу…

Саха дьонугар өбүгэбит тардылыга күүстээх дии саныыбын. Сахалыы остуоллары, оһуордаах ороннору, хопполору наһаа биһириир буоллулар. Оннооҕор кыбартыыра иһигэр барыта мастан ыскаап-купе сакаастаан оҥорторон тураллар. Өбүгэ тардылыга эбэтэр айылҕаҕа чугаһыы сатааһын эбитэ дуу, мас оҥоһуктары сэргииллэр, сэҥээрэллэр.

Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.

0
0