Таатта улууһугар, Чымынаайыга, «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» улуустааҕы көр-күлүү аһаҕас куонкуруһа иккис сылын ыытылынна. Тыа сирин дьоно-сэргэтэ түбүктээх үлэлэрин-хамнастарын быыһыгар сөптөөхтүк дьүөрэлии тутан, дьону-сэргэни күллэрэн аралдьытар, сылааларын таһаарар, үйэлэрин уһатар бэртээхэй куонкурустара үрдүк таһымнаахтык буолла диэн …
Таатта улууһа
Таатта талба талааннаахтарын чиэстээтилэр
Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта тыйаатырын киэҥ уораҕайыгар «Таатта талба талаана-2019» диэн быйылгы сылга норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга күөн күрэстэргэ кыттан үрдүк ситиһиилэммиттэри, бастыҥтан-бастыҥнары чиэстээһин дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ. Тэрээһин туһунан сиһилии улуус култуураҕа уонна духуобунай …
«Далбар эбээлэр» — аныгы үйэ сэргэх эбээлэрэ
Таатта улууһун Харбалааҕар «Далбар эбээлэр» диэн ааттаах түмсүү уон сыл устата өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик үлэлээн кэлбит. Түмсүү кыттыылаахтара бу дьоһун дааталарыгар үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрэн дьоро күнү тэрийбиттэр. Долгутуулаах тэрээһин туһунан биһиэхэ Иван Николаев аатынан Харбалаахтааҕы норуот …
Кыайыы 75 сылын көрсө Чөркөөххө субуотунньук бэрдэ буолла
Таатта улууһугар, Чөркөөххө, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө субуотунньук ааттааҕа ыытылынна. Маннык көхтөөх үлэни улуус дьокутааттара А.П.Семенов, Г.Г.Вырдылин көҕүлээтилэр, ону улуус, нэһилиэк дьаһалталара өйөөтүлэр. —Өтөрүнэн буолбатах улахан субуотунньук ыытылынна. Дьон-сэргэ онтон олус астынна, үөрдэ. Манна оҕолуун, …
ХААРБАХТАН – САҤАҔА
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү судаарыстыбаннай бырагыраама дойду үрдүнэн 2013-2017 сылларга үлэлээбитэ. 2019-2025 сылларга иккис түһүмэҕэ салҕанар. Бастакы бырайыак түмүгүнэн, дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбаны уларыта тутууга көмөлөһөр Арассыыйатааҕы пуонда, өрөспүүбүлүкэ өйөбүллэринэн, Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах 360-тан тахса дьиэ тутуллубут. Бу түһүмэххэ, …
Таатта лиссиэйигэр саҥа түмсүү баар буолла
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин дьоно-сэргэтэ үтүө сонунтан сэргэхсийдэ. Улуустааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ «Вахта памяти» аахсыйа иитинэн, бэртээхэй тэрээһини саҕалаатылар. Бу туһунан Николай Блахировтан ыйыталастым. Кыһа кыһамньыта Урутаан эттэхпинэ, Николай Николаевич Блахиров лиссиэйгэ 2009 сылтан физкультура …
«Саас бэлэхтэрэ» муус оҥоһуктарга оҕолор күрэхтэстилэр
«Саас бэлэхтэрэ» диэн Таатта улууһугар аан маҥнайгытын оскуола үөрэнээччилэригэр муус оҥоһуктары оҥорууга күөн күрэс ыытылынна. Бу Дьохсоҕон орто оскуолатыгар үлэ уруогун биэрэр үрдүк категориялаах учуутал Виктория Бысыина бырайыага. Күрэхтэһии өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус сэргэхтик ыытылынна. Күөн …
Оһуохайдьыт оҕолор күөн күрэскэ кытыннылар
Оскуолаларга гириибинэн төһө да харантыын биллэрилиннэр, саха оҕотугар оһуохай, олоҥхо ураты тардыылаах эбитин бүгүҥҥү тэрээһин кэрэһилиир. Ол курдук, бүгүн Таатта улууһугар Дьохсоҕоҥҥо, Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр, оҕолор оһуохайга күрэхтэстилэр. Сиһилии норуот айымньытын дьиэтин дириэктэриттэн …
Таатта эр дьоно түмсэр
Талыы-талба Тааттаҕа үгүс саха саарыннара төрөөн-үөскээн, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ. edersaas.ru Репрессия ыар тыына ытык Тааттаны күүскэ хаарыйбыта, сүүһүнэн үтүө дьоммут суорума суолламмытара, ыар дьылҕаламмыттара. Ол содула өргө дылы улуус сайдыытын атахтаабыта. Ону таһынан …
Чычымах эр дьоно түөлбэлэрин чиэһин көмүскээтилэр
Таатта улууһун Чычымаҕар түөлбэлэринэн спортивнай күрэхтэһии буолла. edersaas.ru Аҕыс түһүмэхтээх ким күүстээҕин, быһыйын, сымсатын тургутан көрдөрөр күрэскэ эр бэртэрэ илин-кэлин түһүстүлэр. Бэрт эрийсиилээх күрэхтэһии кэнниттэн «Эрэл» түөлбэ — бастакы, иккис — «Чычымах», «Мэҥкээйи» — үһүс, …