Кэбээйигэ күүлэй муҥха элбэх киһини муста

Соботунан аатырбыт улуус олохтоохторо күөл мууһа халыҥыырын күүтэллэр. Күүлэй муҥха — Кэбээйигэ сылын аайы ыытыллар үтүө үгэс. Тэрээһиҥҥэ дьон сөбүлээн сылдьар. 


Кэбээйигэ быйылгы күүлэйгэ сылдьаары Дьокуускай куораттан тиийэ кэлбиттэр. Тыаллаах-куустаах да күн буоллар дьон-сэргэ бөҕө тоҕуоруста.

Күүлэй Тарыҥ күөлүгэр буол­ла. Манна үс улахан тэрилтэ муҥхаларынан түстүлэр. Ол курдук Кэбээйитээҕи газовай станция (начаалынньык Х.А. Дьяконов), “Кобяй­Дор­строй” (дир. А.М. Максимов) уонна олохтоох дьаһалта (баһылык А.Н. Кобяков) П.В. Терехов салайыытынан күөлү тараан түстүлэр. Мустубут дьон үлэ-хамнас үөһүгэр түһэн, халлаан тыалын-кууһун да билбэтилэр.

Ааптар: Татьяна Максимова-Лазарева