Үөһээ Дьааҥыга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар төрүөх сыыйа элбиир. Бэс ыйын 6 күнүнээҕи туругунан 1059 ынах, 1991 биэ төрөөбүт.

Үөһээ Дьааҥы улууһун ТХС исписэлииһэ Ольга Сивцева иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 6 күнүнээҕи

туругунан 1362 ынахтан 1059 төрөөбүт (77,8%).

Биирдиилээн нэһилиэктэринэн ылар буоллахха, Адыаччыга 107-тэн 75-һэ (69,4%), Арыылаахха 156-тан 99-һа (63,5%), Боруулаахха 152-тэн 132-тэ (86,8%), Боронукка 100-тэн 88-һа, Барыласка 54-тэн 35-һэ (64,8%), Баатаҕайга 10-тан 5-һэ (50%), Верхоянскайга 119-тан 92-тэ (77,3%), Дулҕалаахха 103-тэн 98-һа (75,7%), Сартаҥҥа 149-тан 116-та (77,9%), Суордаахха 56 ынахтара бары, Табалаахха 147-тэн 119-һа (81%), Сайдыыга 64-тэн 60-на (93,8%), Элгэскэ 40-тан 29-һа (72,5%), Үөттээххэ 9-тан 5-һэ (55,6%).

Биэ төрүөҕэ сыыйа элбээн, кулунчук ахсаана эмиэ эбиллэн эрэр. Ити күннээҕи сыыппаралар көрдөрөллөрүнэн, 4691 биэ баарыттан 1991 кулуну ыллылар (42,4%). Саамай элбэх биэлээх Адыаччы — 724 биэтиттэн 420-тэ төрөөбүт (58%). Арыылаах 556 – 241 (43,3%), Боруулаах 497 – 101 (20,3%), Боронук 290 – 131 (45,2%), Барылас 128 – 25 (19,5%), Баатаҕай 93 – 35 (37,6%), Верхоянскай 226 – 92 (40,7%), Дулҕалаах 410 – 176 (42,9%), Сартаҥ 335 – 160 (47,8%), Остуолба 269 — 148 (55%), Табалаах 442 – 161 (33,1%), Чөрүмчэ 81 – 25 (30,9%), Сайдыы 111 – 85 (76,6%), Элгэс 178 – 73 (41%), Үөттээх 76 – 27 (35,5%).

Ааптар: Иннокентий Кысылбаиков

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *