Айсен Николаев: «Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү үлэтэ тэтимириэ»

Республика Ил Дархана Айсен Николаев муниципальнай оройуон баһылыктарын түмэн быһа сибээһинэн видеоконференция мунньаҕын ыытта, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү үлэтин түргэтэтэр туһунан сүрүн соругу туруорда.

«2019 сылга, былааннаммытынан, 86 тыһ. кв.м. иэннээх хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүөхтээхпит, итинтэн 16 тыһ. кв.м. иэнтэн сыл бүтүөр диэри босхолонуохтаахпыт. Кэлэр 2024 сылга диэри 1 мөл. 142 кв.м. тахса иэни хабыахтаахпыт. Бу программа бүтүн республика улууһун барытын хабар сыаллаах үлэлиэҕэ. Эһиилгэттэн тэтими күүһүрдэр сыал турар. Муниципалитеттар хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү тэтимин түргэтэтэр программа олоххо киириитигэр бытаарбакка, налыйан олорбокко, түргэнник ылсан үлэлэһиҥ», – диэн Айсен Сергеевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

 

edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий