Ыал ийэтин харыстыыра туохтааҕар да суолталаах

Ыал ийэтин харыстыыра туохтааҕар да суолталаах

Игидэй оскуолатын библиотекатыгар төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Айхал Кривошапкин куруук киирэн кинигэ уларсар, ааҕар. Бу сырыыга кини бэртээхэй сонуннаах, дьоһун кэпсээннээх буолла. «Мин аҕам Кулаадаҕа барбыта. Бүгүн оскуолабыттан дьиэбэр тиийдэхпинэ, ийэбэр көмөлөһүөхтээхпин. Дьиэбэр мас кыстыахтаахпын», — диир.


Төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Айхал Кривошапкин — дьоһун киһи. Кылаас иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Киниэхэ аҕата үтүө холобур буолар.

Гаврил Петрович соторутааҕыта Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн саха атынан биэс уон көстөөх айаны айаннаан кэлбитэ. Ыраах айаҥҥа атынан бардаҕына, дьиэҕэ көмөлөһөр «тутаах» киһинэн уола хаалар эбит. Айхал аҕата атынан хас да улууһу, дэриэбинэни эргийэн кэлбитин кэпсиир. Ыраах айаҥҥа барыан иннинэ уолугар «Дьиэни көрөр-истэр эр киһи эн эрэ хааллын диэн. Ийэҕэр көмөлөс», — диэбитэ.
Гаврил Петрович Кривошапкин Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын уҥуордаан уонтан тахса бөһүөлэктэргэ сылдьыбыттара. Сүрүн сыаллара — саха сылгыта тохтобула суох айаннаан төһө тулуурдааҕын, кыахтааҕын көрдөрүү.

Нуучча Географическай обществотын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, медицина билимин дуоктара Егор Егорович Борисов көҕүлээһининэн бу бырайыак олоххо киирдэ.

Сындалҕаннаах уһун айаҥҥа баралларыгар Игидэй нэһилиэгин дьаһалтатын хонтуоратын иннигэр айаҥҥа атаарыы сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Чурапчы улууһун Арыылаах бөһүөлэгиттэн C.С. Аянитов барсыбыт. Онтон  Е.Е. Борисов массыынанан арыаллаабыт. Дьулусхан уонна Айан диэн ааттаах аттар алта күн устата күҥҥэ 12-лии көһү түһэ сырыттылар.

Ааптар: Гизелла Попова

Добавить комментарий