Дыгын чөмпүйүөнэ Иннокентий Макаров түүҥҥү кулууптары рейдэлиир

Бу күннэргэ батсаап ситимигэр Дыгын оонньууларын үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Иннокентий Макаров Дьокуускай кулууптарын кэрийбитин кэпсээбит аудиота тарҕанна. Кини быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэригэр уонна ыччат саастаах эр дьоҥҥо туһаайан: «Саха сиригэр кэлии омуктар эдэр кыргыттары куһаҕаҥҥа сутуйбаттарын, саха омукка убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларын гына, бэрээдэги тутуохха, сомоҕолоһуохха» — диир. Сүүрбэ биэс буолан хас даҕаны түүҥҥү кулуубу кэрийбиттэрин, кэлии омуктары кытта сөптөөх кэпсэтии ыыппыттарын туһунан этэр. 

View this post on Instagram

#Repost @ys3_tymsyy ☀🔥 Бу күннэргэ чөл олоҕу тарҕатарга, общественность, Дьокуускайдааҕы полицияны кытта туһалаах рейдэлэри оҥордубут. Чөл олох, сиэрдээх сыһыан -Дьоллоох олох төрдө! #зож#мызатрезвость #трезваяякутия #рейд#позитив #чөлолох #алгыстаах#айыыаймаҕа @sakha_sport_ykt @ppos_ysaa @vita_hit_ykt14 @sport_yakutia_ @minmol2018 @wrestsakha_1 @sakha_wrestling_mma @minsportrs @novosty_yakutii @ulusmedia @minmol2018 @news.ykt.ru @minsportrs @novosti_sakha @svfu_news @news_yakutska @sakha_ajmaq @gelixmax @sakhaday @beges_ykt @novosti__yakutska @oxota_yakutia @nvksakha @tabys_team @ysxt_ykt @tetim_radio @kit_jah_ @biggibiggibiggibiggibiggi @nikolaev_aisen @gogolev388 @sardanaavksentieva @zemasakha @agiki.ru @sakhatyla @sakha_sumka @borba_sakha @panaev73 @khapsagai_sakha_team01 @minkult_yakutia @nvksakha @alexey.uvarov.3 @sakhaday @frolkinser @vasilegorov888 @nikolay.okhlopkov @maswrestling.world @maswrestling.russia @tiger__brand @minecologia_yakutia @mintrud_yakutia @crimyakutia_ru @mvd_yakutia @trezvayarossiya

A post shared by wrestling новости спорта (@wrestsakha_1) on Jan 8, 2019 at 3:26am PST

Бу сурукка дьона араастык сыһыаннаста. Сорох өйдөөбөтө, эдэр уолаттар өйдөрүн булкуйан онно-манна тиэрдиэ диэтилэр, сорох өйөөтө.

Макаров бэйэтэ бу дьайыыларын быһааран, маннык видео таһаарда:


Маннык ис хоһоонноох харда суруктар эмиэ батсаабы тэлийэ көттүлэр:

«Макаров Киэсэҕэ уонна Бэрээдэк көрөр уолаттарга улахан махтал.
Итинник түүҥҥү кулууптары куруук көрөр-истэр буолуҥ. Туох баар куһаҕан барыта итинтэн тахсар. Омуктар тардыныахтара этэ. Аныгыскы сырыыга 50 буолан икки сиринэн барыахпыт диэбиккит. Кытаатыҥ. Саха саханы эрэ бэрээдэги көрөрө ордук. Оччоҕо эрэ тардыналлар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ. Кытаатыҥ. Кыргыттаргытын харыстааҥ. Ыччаттар бэйэҕит лидер талан түмсүҥ. Убайгытын сынньатыҥ. 60 саастаах убайгытын бытыгын туора соһон илдьэ сылдьымаҥ. Бэйэҕит иилээҥ-саҕалааҥ. Ыччат ыччаты көрүөн наада. Хаҥаласка киргизтар Кыргыттары бүтэрбиттэр дииллэр. Онон омуккутун харыстааҥ. Түүҥҥү кулууптары көрүҥ,истиҥ,бэрээдэктээҥ».

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *